Page 34 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 34
И в а н П е т р о в и ч, үрүҥ офицер. сал-
Д ь а а м н а а х о ҕ о н н ь о р.
Д ь а а м н а а х э м э э х с и н э.
Т а ҥ а с с у у й а а ч ч ы э м э э х с и н.
К о м с о м о л е ц т а р, к р а с н о а р м е е ц т а р, ү р ү ҥ
л а а т т а р а, х а а й ы ы л а а х т а р.
МАҤНАЙГЫ ООННЬУУ
МАҤНАЙГЫ ХАРТЫЫНА
Куорат дьиэтэ. Үчүгэйдик, ыраастык, маанытык олорор үөрэх оҕотун
хоһо. Икки остуол. Биир кырабаат. Хас да олоппос. Кинигэлээх долбуур.
Күн киэһэрэн эрэр. Е г о р Е г о р о в и ч итиэннэ Н и к о л а й И в а н о в
иккиэн олоппоско тиэрэ түспүттэр, кэпсэтэ олороллор. Остуолга бытыыл-
калаах арыгы, икки үрүүмкэ, ас-үөл баар.
Е г о р Е г о р о в и ч. Дьэ, онон, бэйэбит төрөппүт оҕобут
да суох буоллар, хайаан даҕаны ааппытын ааттатар ыччаты
булуохха диэн санаммыппыт. Ол саҕана биһиги ырааҕынан
уруубут, дьадаҥы киһи, куоракка үлэлээн аһыы сылдьан, ыал-
дьан өлөн хаалар. Ол эн аҕаҥ этэ. Бокуонньук улахан уолун
эйиэхэ анаан кэриэһин эппит диэн миэхэ илдьит кэлэр. Ону
истэн баран, мин бэйэбинэн киирэн, эйигин куораттан тиэйэн
тахсабын. (Күлэр.) Маҥнай, ийэҕиттэн арахсымаары, хас да
хонугу быһа ытаан тахсыбытыҥ.
Н и к о л а й (күлэр). Дьэ, ытаабыт да киһи буолуом.
Е г о р Е г о р о в и ч (күлэр). Ытаан, ытаан, чэ ол туох буо-
луой. Кылаабынайа, эн кэлин хайдах иитиллэн, улаатан испик-
кин умнума. (Арыгы иһэр.) Мин эйигин хайдах ииппиппин өй-
дүөх тустааххын. Төрөппүт да оҕолорун ити курдук иитэллэрэ
эбитэ дуу, суоҕа дуу. Биирдэ эмэ мөҕүллүбүтүҥ, таһыллыбы-
тыҥ буолуо дуо? Бачча сааскар диэри, туох эмэ кыһалҕаны
билбитиҥ буолуо дуо? Суох, суох. Мин эйигин ис сүрэхпиттэн
таптаан ииппитим. Инньэ гынан, атаххар туруордум, үөрэхтээх
киһи оҥордум. Ону, баҕар, эн, эдэр киһи, кыайан дириҥник
толкуйдаан көрбөтүҥ буолуо.
Н и к о л а й. Егор Егорович, инньэ диэн баара дуо. Суох.
Хайдах мин эйигин ытыгылыам суоҕай, хайдах мин эйигин
таптыам суоҕай! Эн үтүөҕүн-өҥөҕүн хайдах сатаан төлүөхпүн
билбэппин...
Е г о р Е г о р о в и ч. Үчүгэй тыл, Коля, үчүгэй тыл. Итэҕэ-
йэбин. Эрэйим таах хаалбатах буоллаҕа. Ити аата, кырдьаҕас
киһи үтүөтүн саныыр буоллаҕыҥ, дьэ ити үчүгэй. Коля, эн
34