Page 39 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 39

ныҥ оонньуур эрдэҕинэ, төһө бэриллибитинэн көрдөөх-нар-
даах олоҕу олорон хаал, эн үчүгэй-дэлэгэй, кыһалҕата суох
олоххо олороҕун, ол олоххуттан кытаахтаһа сатаа.

    Эйиэхэ туох буолуой атын дьон сордоноллоро, эйиэхэ туох
буолуой атын дьон аччык сылдьаллара. Эн бу дойдуга биир-
дэ олорон бараҕын, онон олохтон туох баарын барытын ылан
хаал, баай-тот ортотугар күл, оонньоо, охсус диир. Онон, Мэ-
хээс, эн көрөргөр мин соҕотох киһибин, оттон, дьиҥинэн буол-
лаҕына, мин икки киһи буолан олоробун.

    М и х а и л (абатыйар). Итини этээри гыммытыҥ дуо? Кы-
һалҕата суох олоххо олорор киһи итиччэни кэпсээбэт, эппэт
буолуоҥ дуо, топпуккун тулуйбакка, бэйэҥ ис санааҕар бук-
куллан эрдэҕиҥ.

    Ни к о л а й. Суох, мин эппипин эн толкуйдуох тустааххын.
Мин санаам тоҕо икки буолан хайдарый?

    М и х а и л. Араҕыс Егор Егоровичтан диибин ээ мин. Биһи-
гиттэн сиргэнимэ. Кэл төрөөбүт ийэҕэр, кэл төрөөбүт быраак-
кар, биһиги санаабытын санаа гын, үлэлээ биһигини кытта.
Михаил Иванович Бадин курдук большевикка үөрэн. Оччоҕо,
бу курдук таах олорон, санааҥ мунчаарыа суоҕа.

    Н и к о л а й. «Кэл, биһиги санаабытын санаа гын...» (Төт-
төрү-таары хаамар.) Мин сатаан өйдөөбөппүн: тоҕо эһиги мин
ииппит аҕабын абааһы көрөргүтүн. Суох, аҕам миэхэ үчүгэйи
эрэ баҕарар, мин кини тылыттан тахсыам суоҕа. Оттон эйи-
гин, ити Бадин курдук нууччалар иирдибиттэр. Эн, бэл диэ-
тэр, миигин, бииргэ төрөөбүт убайгын утары, Егор Егорович
курдук мааны, баай аймаҕыҥ утары, саха омугу утары баран
эрэр эбиккин.

    М и х а и л (тура эккириир). Бэркэ өйдөөтүм. Эн национа-
лист эбиккин. Өйдөө: эн Егор Егоровиһыҥ кыра-хара норуот
көлөһүнүн өр кэмҥэ оборуо суоҕа! Өйдөө: мин сыккырыыр
тыыным баарын, сүрэҕим тэбэрин тухары Егор Егоровиһы ута-
ры, көлөһүннүүр кылаастары уонна кинини көмүскээччилэри
утары охсуһуом! Мин эйиэхэ тиһэх тылым ити!

                                       ИККИС ХАРТЫЫНА

        Икки хос көстөр: биир хаайыы хоһо, биир харабыл хоһо. Харабыл хо-
  һугар көмүлүөк оһох, остуол, икки-үс олоппос. Түүн. Харабыл дьиэҕэ икки
   б а н д ь ы ы т с а л л а а т а утуктуу олорор. Хаайыыга ү с х а а й ы ы -

               л а а х сиргэ утуйа сыталлар. М и х а и л хаама сылдьар.

    М и х а и л. Хаарыан оҕолору сиэтэхтэрэ. Өрөбөлүүссүйэ, эн
элбэх да сиэртибэлээххин. Олох уларыйыыта ыарахан да суол

                                                                                                                                      39
   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44