Page 40 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 40

буолар эбит. Ити хаарыан доҕотторбутун да өлөртөөн, эһи-
ги, баайдар, син биир өрүһүнүөххүт суоҕа, өлөр-сүтэр анал-
гытыттан куотуоххут суоҕа! (Саҥата суох хаамар.) Тыыннаах,
көҥүл-босхо сылдьар үчүгэй да эбит... Ийэбин кытта кэпсэ-
тэ-кэпсэтэ, үөрэ-көтө, үлэлии сылдьарым, Михаил Иванович
Бадиҥҥа үөрэнэрим, үлэлиирим үчүгэй да эбит. Доҕотторбун
кытта бииргэ ыллыы-туойа, кэпсэтэ, күлэ-сала сылдьарым бу
турар... Дуням... Ама Дунябын аны көрүөм суоҕа дуо? Суох...
(Тохтуур.) Миигин бандьыыттар, сүөһү курдук, өлөрөр сирдэ-
ригэр үүрэн илдьиэхтэрэ, букатын илиилэрэ хамсаабакка эрэ,
бу тэбэ турар сүрэхпин ытыахтара... Оччоҕо... Суох! Бу да буо-
ла сыттарбыт, коммунизм иннигэр мөккүһэн, өлөрсөн баран
өлүөхпүт! Биһиги өрөгөйдөөх үрдүк идеябытын кыайыахтара
суоҕа!

                      Таһырдьаттан харабыл хоһугар Н и к о л а й киирэр.

    Н и к о л а й (харабылга). Манна Мэхээс Уйбаныабы таһаа-
рыҥ!

    Х а р а б ы л (хаайыы аанын аһан туран). Мэхээс Уйбаныап,
таҕыс манна!

    М и х а и л (бэйэтигэр). Бэлиэр дуу? Ээ, чэ! (Тахсар.)
    Н и к о л а й (харабылларга). Барыҥ, эһиги таһырдьа хара-
быллаан эриҥ! Наада буоллаҕына, мин ыҥырыам.

                                         Х а р а б ы л л а р тахсаллар.

    Мэхээс!..
    М и х а и л. Эн тоҕо манна кэллиҥ? (Николай саҥарбат.) Эн
тоҕо манна кэллиҥ диибин эбээт?!
    Н и к о л а й. Мин эйиэхэ... (өрө тыынар.) Эйигин көрө кэллим!
    М и х а и л (бытааннык). «Эйигин көрө кэллим»... Көр! (Ни-
колайга утары хааман кэлэр.) Көр! Баарбын, аны биир-икки
чааһынан суох буолуом, аны миигин көрүөҥ суоҕа. Эн доҕотто-
руҥ бу тэбэ турар сүрэхпин тэппэт оҥоруохтара, мин билигин
өлүөм...
    Н и к о л а й. Бээ, бээ, Миша, уоскуй, мин эйиэхэ таах кэл-
бэтим, наадалаахпын...
    М и х а и л. «Наадалаахпын» даа? Ол өлөн эрэр киһиэхэ
туох нааадалааххыный? (Толкуйдуур.) Бэйэ, кырдьык наада-
лаах эбиккин... Эн, тыыннаах хаалар киһи, ийэбэр, төрөөбүт
ийэбэр бу айылаах буола сытарбын кэпсээр: уолуҥ үрдүк са-
наа иннигэр кытаанахтык туттан өллө диэн. Эс, ол эрээри эн
ону кыайан этиэҥ суоҕа, эн сатаан, кыайан этиэҥ суоҕа, эн,

  40
   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45