Page 38 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 38
М и х а и л. Оттон куорат, тыа дьадаҥылара, хамначчытта-
ра? Кинилэр норуот буолбатахтар дуо?
Н и к о л а й (күлэр). Бу киһи эттэҕин! Ол туох да сайдыыта
суох дьон тугу билээхтиэхтэрин сөбүй? Үөрэхтээхтэр ханна
бар диэхтэрэ да барыахтара.
М и х а и л (турар). Суох! Аан дойдуну аһатааччы-таҥын-
нарааччы, аан дойду быйаҥын айааччы кимий? Ол чэрдээх
илиилээх үлэһиттэр, дьадаҥылар, хамначчыттар. Ол буолар
норуот.
Н и к о л а й. Чэ, туох да диэ. Ол эн сүөһү курдук үүрүллэ
сылдьар дьадаҥыларыҥ тугу кыайан оҥоруох дьонноруй? Бу
Егор Егорович курдук дьоннор саха омугун аатырдыахтара,
саха аймаҕын көмүскүөхтэрэ.
М и х а и л. Ол саха омугу кини кимтэн көмүскүүр?
Н и к о л а й (ах барар. Тохтуу түһэн баран). Кимтэн көмүс-
күүр даа? (Тохтобул. Киҥнэнэн, ыксаан.) Кимтэн баҕарар, ким
саха омугу баттыыр да, олортон барыларыттан. Кини норуот
иннигэр турар.
М и х а и л. Сымыйа! Эт эрэ: ким саха кыраларын-дьада-
ҥыларын умнаһыт-кумалаан оҥортоото? Ким огдооболору,
тулаайахтары харахтарын уутунан сууннарда? Эн Егор Егоро-
виһыҥ! Кини уонна кини курдук баайдар-тойоттор.
Н и к о л а й (кыыһырар). Тоҕо эн Егор Егоровиһы үөҕэҕин.
Оттон эн кимҥиний? Кимҥиний диибин эбээт?!
М и х а и л. Бэркэ билэҕин мин киммин. Ээ, чэ, кэпсэтэн да
диэн, син биир тугу да өйдөөбөт киһини кытта, чэ ол үрдүк
үҥэр таҥараҕыныын, Егор Егоровичтыын, сырыт. Быраһаай!
(Тахсаары гынар.)
Н и к о л а й (тура эккирээн Михаилы тохтотордуу акыма-
лыттан тутар). Суох, барыма, Мэхээс, олус хобдоҕо бэрт,
бииргэ төрөөбүт ааттаах дьоннор... Көрдөһөбүн, мин этэрбин
иһит. Олор. Кэпсэтиэх. Бу күннэргэ мин өйүм-санаам иирэн
хаалла.
М и х а и л. Чэ кэпсээ, истиим даҕаны. (Олорор.)
Н и к о л а й. Мэхээс, өйдүүгүн дуо? Бу мин баарбын... Тас-
пыттан көрдөххө: туох да кыһалҕата суохпун. Оттон испин ылан
көрдөххө, миэхэ икки киһи олорор. Биир киһи этэр: эн тө-
рөөбүт ийэлээххин, эн төрөөбүт бырааттааххын, олортон эн
күн тура-тура арахсан иһэҕин, эн өйдөөбөккүн, эн хаһан эрэ
күн аайы тот сылдьыбат этиҥ, эн хаһан эрэ сордоох-муҥнаах
олоххо олорбутуҥ, ол олоҕуҥ эккэр-хааҥҥар тоҕо туох эмэ бэ-
лиэни хаалларбата? Иккис киһи этэр: эн эдэр эрдэххинэ, хаа-
38