Page 36 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 36
салайыахтара. Дьэ уонна большевиктар хайдах кыайан тулу-
һуохтарай?
Н и к о л а й. Оннук, Егор Егорович.
Е г о р Е г о р о в и ч. Чэ, сөп. Бүгүн Дмитриевтиин миэхэ
кэлээриҥ. Чэ, көрсүөххэ диэри, быраһаай. (Тахсан иһэн тох-
туур.) Ээ, арба даҕаны, быраатыҥ Мэхээс эйиэхэ сылдьар дуо?
Н и к о л а й. Сылдьыбатаҕа ыраатта. Ол киһи туспа суолу
тутуспут быһыылаах.
Егор Ег о р о в и ч. Ол хайдах?
Н и к о л а й. Комсомолга киирбит.
Е г о р Е г о р о в и ч. Комсомолга киирбит даа?
Н и к о л а й. Киирэн. Кинилэргэ сыл кэриҥэ Бадин диэн
нуучча олорор. Коммунист, кыһыл командира. Ол киһи Миша-
ны букатын иирдэн кээспит.
Е г о р Е г о р о в и ч. Бадин. Истибитим. Сүрдээх киһи үһү.
Нуучча алдьархайдааҕа. Улахан большевик. (Саҥата суох төт-
төрү-таары хааман баран.) Коля, мин эппитим курдук, кытаа-
нах бириэмэлэр кэллилэр, онон Мэхээһи бэйэ диэки тардыах-
ха наада. Чэ, итини өйдөөн кэбис. Көрсүөххэ диэри, быраһаай.
Н и к о л а й (сэниэтэ суохтук). Ээ...
Е г о р Е г о р о в и ч барар.
(Соҕотоҕун.) Ити аата үрүҥнэргэ тахсар буоллаҕым. Аҕам
тылын кэһиэхпин сатаммат. (Тохтуур.) Оттон ийэм, оттон
быраатым тугу саныахтарай, туох диэхтэрэй? Аҕабын кытта
бардахпына сатанар. Оттон Миша... оттон ийэм хайдах буо-
луохтарай? Миша үрүҥү утары барыа, мин бырааппын утары
сэриилэһиэм. Кытаанах суол. Саныы-саныы сүрэҕим ыалдьар.
Оттон барбатахпына эмиэ сатаммат. Егор Егорович тылын төт-
төрү этиэхпин сатаммат. Дьэ, ити аата, тахсар буоллаҕым.
Өйбүн-санаабын кимиэхэ этэн чэпчиэм буолла? Мэхээс өйдүө
суоҕа. Кини урут да өйдөөбөт этэ. Ким мин санаабын өйдүө
буолла? Арай Катя дуо? (Саҥата суох олорбохтуур.) Егор Его-
рович тылыттан тахсыахпын сатаммат.
Ааны тоҥсуйаллар.
Киир!
М и х а и л киирэн кэлэр.
О, Мэхээс тиийэн кэллиҥ дуу? Дорообо, хайа төһө бэркэ
олороҕут, ийэм эмээхсин хайдах сылдьаахтыыр, ыалдьыбат
дуо? Чэ, кэл, манна олор.
36