Page 33 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 33
С.П. Ефремов «буурҕа-буулдьа сылларын» этинэн-хаанынан
билбитэ, өйүнэн-санаатынан саҥа тэриллэр олох иһин буолбу-
та. Норуот бэйэ-бэйэтин сэймэктэһэр дьалхааннаах Граждан-
скай сэрии уордаах сыллара суруйааччы буолар киһиэхэ хаһан
да оспот бааһы-үүтү хаалларбыта. «Ини-бии» драмаҕа Степан
Ефремов олоҕор буолбут дьиҥнээх ыарахан түбэлтэни ойуу-
луур. Ол кэмҥэ Степан Павлович кыһыллар этэрээттэрин раз-
ведкатыгар сылдьан үрүҥнэргэ билиэн түбэһэр. ¥рүҥнэр кини-
ни Чөркөөххө диэри илдьэ сылдьыбыттар. Убайа Баһылай, үрүҥ
эписиэрэ, биһиги диэки буол диэн көрдөспүтүгэр, Степан буо-
лумматах. Кэлин Баһылай, Нам кыргыһыытыгар өлбүтүн, Степан
истэр уонна Байкалов хамандыыртан көҥүллэтэн, убайын хара-
йар. Степан Павлович ол туһунан кэпсиирин сөбүлээбэт этэ, ол
эрээри биир ахтыытыгар ол ыар, тиһэх көрсүһүүнү бу курдук
быһыта-орута кэпсээбитэ баар: «Токуруччу-икириччи тоҥон хаал-
быт дьон быыһыттан убайбын нэһиилэ булан харайбытым, дьэ
дьулаан көстүү этэ», — диэн.
Ааҕыы, сэ´эргэ´ии
Ини-бии
Түөрт оонньуулаах, тоҕус хартыыналаах драма
ООННЬУУР ДЬОНО:
М и х а и л И в а н о в, 18 саастаах, комсомолец.
Н и к о л а й И в а н о в, 20 саастаах, кини убайа. Егор Егорович
ииппит уола.
В а р в а р а, кинилэр ийэлэрэ.
Е г о р Е г о р о в и ч, улуус кулубата. Интеллигент.
М и х а и л И в а н о в и ч Б а д и н, коммунист, кыһыл этэрээтин
командира. Нуучча.
С е м ё н С а в в и н.
Д у н я С а в в и н а.
П и с т о л е т.
Г у л я е в, кыһыл этэрээтигэр рота командира.
С п и р и д о н А л а с о в, тыаҕа олохтоох оҕонньор.
П ё т р С е м ё н о в, улуус кулубатын уола.
Д м и т р и е в, атыыһыт уола.
К а т я, гимназистка.
33