Page 28 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 28
Тураат, хап-сабар таҥаһын таҥнан, сурдуттан тахсан барбыта.
Халлааҥҥа ахсаана биллибэт элбэх сулустар, көмүһүҥ ханна
баарый, көрдөр эрэ диэбиттии, дьиримнии, тырымныы турал-
лара. Уйбаанча бэҕэһээ кыһыл көмүһү кумахтан баһан ылбыт
Кураанах ¥рүйэтигэр барбыта. Сулустар, харахтарын симэн,
умуллан, сүтэн-оһон испиттэрэ. Онтон сотору соҕус, илин хал-
лаан иитэ аһыллан, кылбааран тахсыбыта. Кини бэҕэһээ көмү-
һү булбут Кураанах ¥рүйэтигэр тиийиэр диэри, халлаан лаппа
сырдаабыта. Уйбаанча, кыһыл көмүһү баһан ылбыт сиригэр кэ-
лэн, испиискэтин хаатын ылан, таҥнары сүөкээн кэбиспитэ.
— Кырыыстаах кыһыл көмүс, аны дьон хараҕар көстүмэ! —
дии-дии атаҕынан кумаҕы тарыйан, көмүһүн ыһан-бурайан кэ-
биспитэ.
Уйбаанча ол-бу диэки көрбүтэ да, чугаһынан икки атахтаах
баара биллибэт этэ. Арай хара суор кинини үрдүнэн кэлэн,
«Кыһыл көмүһү ыспыккын мин көрдүм!» — диэххэ айылаах хаа-
ҕырҕаан ааспыта...
Ити курдук, Уйбаанча, булбут кыһыл көмүһүн Кураанах ¥рү-
йэҕэ аҕалан, Сэдьүк оҕонньор сүбэтинэн, төттөрү сүөкээн ба-
ран, табаларын табалыы, хараҥа ойуур иһигэр киирэн элэҥ-
нии турбута...
....................... .............
Орто Салаа үрэх үгүс-элбэх үрүйэлэрин батыһан, Уйбаанча
Сэдьүк оҕонньордуун куруутун бултуура. Били Уйбаанча көмүһү
була сылдьыаҕыттан ыла уонча сыл ааспыта...
Кинилэртэн ураты бу дойдуга ким да кэлэн биир тумус-
тааҕы бултаабат этэ.
Ньэмэк кинээс кыыһа Адычча уолугар эргэ баран олорор
сураҕын Уйбаанча истэрэ. Ньэмэк кыыһын, эргэ тахсыбытын
кэннэ, кини биирдэ да көрсө илигэ. Ойох ылан, кэргэн оҥос-
туом дии санаабыт кыыһа атын киһиэхэ эргэ барбытыттан, Уй-
баанча билигин баайга-дуолга ымсыырбат буолбута. Онон кини
бу сыллар усталарыгар үгүс үрүйэ кумаҕар кыһыл көмүс курдук
кылабачыгастар баалларын көрө-көрө кыһаммат этэ. Куруутун
иһигэр саныыра: «Кэбис, сыттын, кыһыл көмүс — эбэҥки баайа
буолбатах. Биһиги баайбыт — тыа булда, таба», — диэн.
Ити курдук бултуу сылдьан, арай биир сарсыарда Сэдьүк
оҕонньор тэллэҕиттэн кыайан турбатаҕа. Кини хайдах эрэ ха-
тан баҕайытык сөтөллөр уонна ыараханнык ынчыктыыр этэ.
«Оҕонньор эрэйдээх ыалдьыбыт дуу, хайдах дуу?» — дии са-
ныы-саныы, Уйбаанча туран уот оттубута, чаанньыгар хаар
28