Page 24 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 24

куппут кыһыл көмүстээх кумаҕын оҕонньорго көрдөрө ууммута.
Сэдьүк оҕонньор испиискэ хаатын ылан, уот иннигэр кэлэн,
кыҥнайа-кыҥнайа, саҥата суох одууласпыта. Хас да кыырпаҕы
ытыһыгар түһэрэн, имэрийэн уонна айаҕар уган, тииһинэн ыты-
ран көрбүтэ. Онтон, дьэбин уоһуйа түһээт, Уйбаанча диэки сүр
хатыылаах баҕайытык көрбөхтөөбүтэ.

    — Бу... маны хантан ыллыҥ?
    «Оҕонньор тоҕо итинник кыыһырбыкка дылы буоллаҕай?»
диэн, Уйбаанча мунааран, этиэх буолбут санаатын эппэккэ,
мух-мах барбыта.
    — Ити... туох кумаҕай?
    Сэдьүк оҕонньор куһаҕан хараҕынан уол сирэйин-хараҕын
одуулаһар, көхсүн этитэр уонна испиискэтин хаатын төттөрү
уунар.
    — Мэ, быһыыта, кыһыл көмүс...
    — Чахчы кыһыл көмүс дуо?... — Оҕонньор куһаҕаннык көр-
бүтүттэн Уйбаанча үөрүүтэ, сирэйгэ оҕустарбыт курдук, уоста
түспүтэ.
    — Маны хантан буллуҥ?
    — Кураанах ¥рүйэ кумаҕыттан.
    Оҕонньор саҥата суох уоту супту одуулаһан турбахтаабы-
та. Маһа баранан, уоттара имик-самык умайбыт хардаҕастар
төҥүргэстэрин холботолоон биэрбитэ. Уот үөрэ-көтө бачыгы-
райан, өрө салаан, күөдьүйэн тахсыбыта. Уйбаанча, саҥа-
та-иҥэтэ суох, санаарҕаан олороро. Оҕонньор ону көрөн туран:
    — Аҕал эрэ, үчүгэйдик, болҕойон көрүөхпүн, — диэбитэ
уонна испиискэтин хаатын төттөрү ылбыта. Онтон испиискэ
хаатыгар толору кутулла сылдьар кыһыл көмүһү эргитэ-урбата
көрө-көрө: «Чахчы кыһыл көмүс эбит», — диэбитэ. Кини итини
хайдах эрэ уол кулгааҕар үчүгэйдик киирэр гына эппитэ.
    Уйбаанча онтон, эмиэ үөрэн, хараҕа уоттана түспүтэ. Сэдьүк
оҕонньор «чахчы кыһыл көмүс» эрэ диэтэр, чахчы кыһыл көмүс
буолуохтаах. Оччоҕо кини Учур Дьааҥытын олохтоох эбэҥ-
килэрин биир бастыҥ баайдара буолуоҕа... Алын өттүнэн күөх
тыа буодьулаах сыгынньах сирэйдээх Очур хайа Чыыстайа.
Сайыҥҥы чаҕылхай, куйаас күн... Учур ойуурун эбэҥкилэрэ
бука бары мунньустан «сээдьэ» оонньууну сэлэлээн эрэллэр.
Оол курдук Ньэмэк дуолан киэҥ ураһата хоройон көстөр. Уй-
баанча саҥа үчүгэй таҥаһын таҥнан, сэлэлээн турар дьону
ортотунан, Ньэмэк кинээс ураһатыгар барар. Ньэмэк, кыыһын
илиититтэн сиэтэн, кинини дорооболоһон тоҥхоҥнуу көрсөр.
Кини төһө да таба баайдааҕын иһин, кэмэ биллибэт элбэх

  24
   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29