Page 19 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 19
лүмнүү турар аламай күнэ арыллан ааста, кэргэнэ, имииһит
аҕата, табаарыстара, Ленин сырдык мэтириэтэ — барыта ха-
раҕар субу ирбэнньиктийэн кэллилэр... Онтон Охоноон эмискэ:
— Сиэхситтэр, сиэҥ! — диэн хаһыытаата уонна икки хаа-
мыыны утары атыллаата. — Эһигинньиктэр быстан хаалбыт
акаарыны, миигин эрэ, сиэххит, оттон сэбиэскэй былааһы син
биир тиискит хотуо суоҕа! Чэй, ытыҥ, сиэбиккит көлөһүммүн,
сүлбүккүт тириибин, аны иһиҥ ыраас хааммын!
Охоноон ревком өлөөрү туран хаһыытаабыт хаһыыта, ой дуо-
раана буолан, дьыбардаах салгыҥҥа ыраах куҥкунуу турда...
Саа сомуогун тыаһа лаһыгырыы түстэ. Ылы-чып, ким да
тыына да иһиллибэтэ, оттуун-мастыын кирийэн, алдьархайы
көһүтэн, чуумпуран турдулар.
Онуоха «бу баар!» диэбиттии, саа тыаһа дэлби ыстанна.
Охоноон охтон түстэ. Ыт, ыйылыы түһэн баран, туора ыстанна.
Саа тыаһа, санаарҕаабыт курдук, сатыы ойуур үрдүнэн сата-
рыйа турда. Маҥан хаарга хара баттах хамсаабакка харааран
сытта...
Дьэ, доҕоттоор, сүрдээх түүн үүммүт эбит!
Түүн түүн курдук, хараҥа дьайыҥыран, ынчыктыы дьуоҕа-
ран, барыгытын да ыйыстыам этэ диэх курдук, дьиппиэрэ тым-
ныйан, күлүгүрэ баттыы турбута...
Тылбытын байытабыт
Халҕан — аан.
Холумтан — саха оһоҕун иннигэр уот отторго, ас буһарарга анаан
буорунан симэн оҥорор үрдэтии.
Имииһит — имии имитээччи, имии — имитэргэ аналлаах тирии.
Саҕынньах — тирииттэн тигиллибит сон.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Кыра Хабырыыс уонна Охоноон уобарастарын тэҥнээн кө-
рүҥ: майгыннаһар уонна уратылаһар өрүттэрэ.
2. Кэпсээнтэн Охоноон тиһэх тылларын өссө төгүл ааҕыҥ:
«Эһигинньиктэр быстан хаалбыт акаарыны, миигин эрэ,
сиэххит, оттон сэбиэскэй былааһы син биир тиискит хо-
туо суоҕа!» диэн эппит тыллара кэпсээн сүрүн идиэйэтэ
буоларын дакаастааҥ.
19