Page 15 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 15

тэтэ сымыйаҕа булаан, кырдьык-хордьук кэпсээн барда. Кэлин
тиһэҕэр тиийэн оҕонньортон сиэртибэ көрдөөтө.

    Бүөтүр оҕонньор барытын үөрэ-көтө иһиттэ. Оттон сиэр-
тибэҕэ тиийэн баран, уларыйан курус гына түстэ. Онтон, курун
чиҥэтэ-чиҥэтэ эттэ:

    — Дьэ, билигин бу баһамыыктар сиэннэр, табыгастаах тугум
да суох. Ол эрээри, бөхсүннэххэ, син сээкэй тахсар оҕон-
ньоробун. Хайа уонна мин тылбын эһиги ылыннаххытына, мин
даҕаны толкуйданан көрүөм буоллаҕа дии, — диэтэ, күлэн кү-
һүгүрүү-күһүгүрүү.

    Оҕонньор санаатын ситэн, дьиэтигэр баран иһэн, биир чоҥ-
кучах алаас үрдүгэр турар быыкаайык балаҕаны көрөн баран
сиргэ силлээтэ.

    — Тууй-сиэ! Бу ыт, бука, мэйиим быһаҕаһа баар эбээт! Көр,
бу Доропуун түөкүнү уонна Кириһээни эмиэ кэпсиэх буолан
бараммын, умнан быһа сытыйан иһэбин дии! Төннүөм дуу,
хайа үөдэний?.. Ээ чэ, атым да илистииһи, кэнники дьыала
быһыытынан оҥорторон, суруйтаран киллэриэм, — диэн ба-
ран, айаннатан күпсүтэ турда...

                                                II

    Киэһэтигэр кыһыҥҥы кылгас күн эрдэ киирдэ. Сыыйа-баайа
им сүтэн, боруоран барда. Күнүс көрдөххө өрө оргуйар туман
өһөҕүрэн, хараҥа былыт курдук сабардаан, хаайдарбын-күөй-
дэрбин диэххэ айылаах, ыаһыра үтэн кэллэ.

    Кыараҕас алаас үрдүгэр, тыа быыһыгар, кутуйах илдьи
тыыппыт эргэ нэгин курдук быыкаайык тулаайах балаҕантан
сэдэх соҕустук кыым тахса турар этэ.

    Ким эрэ бурдук тардар быһыылаах — таас тыаһа кыыкыр-
дыыр уонна им-дьим, атын саҥа-иҥэ биллибэт. Онтон дьиэ
иһин өҥөйөн көрдөххө, биир бэрт ырыган, иҥиирэ эрэ күрэҥ-
ниир, көхсүгэр түөрт сиринэн түөн чэрдээх киһи, ырбаахытын
устан баран, суол аанын чанчыгар бурдук тардан аала турар.
Сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, санаарҕаабытыгар сөп ки-
һи эбит, тааһын да тыаһа, кини бэйэтин санаатыныы, аргыый
аҕай аалар.

    Бу балаҕан иһигэр таас тыаһыттан ураты киһи кулгааҕа-ха-
раҕа иҥнэрэ атын туох да баара биллибэт. Таас эрэ тыаһа,
аргыый лоһугураан, чочугураан кэлэ-кэлэ, эмиэ аргыый аалан,
кыыкырдаан барар.

    Арай имик-самык умайа турар уот сырдаан ылбытыгар кы-

                                                                                                                                      15
   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20