Page 10 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 10
ы´ыллан, туох да күү´э-к³м³т³ суох, сирэйин ооккото муннук-
танан, ыарыы б³ҕ³ кэбилээн, дьү´үн-бодо буолан баран: «£л-
лүм, ³ллүм...» — диэн ха´ыытаабыта, аймаммыта, дири² ын-
чыга сүрэхпэр били²²э диэри баас буолан сылдьар... Онтон
бэттэх ки´и ынчыгын тулуйан истибэппин.
Сиэх сиэх курдук, тү²-та² тутан баарта сүрдээх этэ. Оҕо,
дьахтар куттанан бары тыаҕа түспүттэрэ. Арай мин эрэ, онно
абыраары, ба´ыгар олорбутум.
Онтон түүн ү³´үн саҕана мэнэрик аҕаллыбыт. Ту´а суох.
Онтон ыксаан, киэ² к³ҕүс кыараан, ото´ут буллубут. Ол күтүр
илиилэспитэ. Сол кини илиитин анныттан Аанчыгым, кыа хаан
ортотугар сытан, барбыта... Ааттаспыт-эрэммит курдук хараҕын
ооккотун саа´ын тухары бы´а симмитэ. Күлэр-ү³рэр, ы²ыр-
дахпына хайы´а тү´эр бэйэтэ, ы²ырбыппар, ытаабыппар, кы-
´амматаҕа, «Сиэтигит ээ, абабын, тоҕо бу курдук кэбилээти-
гит», — диэх курдук этэ. Сиэбиттэр би´иги баарбыт. Сиэбит
ийэтэ, аҕата бааллар. Кини оҕо ... оҕо этэ, этэ-хаана ситэ илик
этэ. Ону би´иги, са²ардыы атан эрэр ньургу´ун курдук үүнэн
эрдэҕинэ, күү´үлээн, ки´и олоҕун талбыппытынан дьа´айан,
³лүү түгэҕэр умсары анньан, сарбыйбыппыт. Ол алдьархайын
ха´ан ³йдүүбүт, билэбит, оннооҕор кэпсээтэххэ кэрэхсиир суох,
арай сүрэхпэр баастаах мин Аанчыкпын кэбилээбиппин ум-
нуом суоҕа...
Онтон бэттэх дьоллоох олоҕу олорбуппун билбэппин. Ба-
рыта хайдах эрэ түүл-бит курдук, хайдах эрэ итирбиттии
балааскайдыы эрэ сылдьар бы´ыылаахпын. Ол да буоллар,
дьонум кы´айаннар, икки´ин ойох ылбытым. Онтукам, миэнэ
миэнин курдук, эмиэ ³лбүтэ. Ол кэнниттэн дьонум эмиэ ³л³н-
н³р, дьиэ-уот диэнтэн тэлэ´ийэн, т³р³т³р оҕо минньигэ´э,
тэ²нээх доҕор таптала диэни билбэккэ, туох эрэ курдук, ха´ан
суолга туора охторбун кэтэ´э сылдьар му²наахпын. Оо, Аан-
чыгым, Аанчыгым, чыычааҕым оҕотун...
Оҕонньор ытаата.
— Чэ, бу курдук идэлээхпин. Кинини санаатарбын эрэ, хай-
дах да кыаммаппын. Дьэ аны арыый буолаа инибин. Бу ыан-
ньыйбыппын та´аардым.
Бу икки ардыгар сайы²²ы түүн сырдыы бы´ыытыйда.
Оҕонньор хайдах да кыайан утуйбата. Онтон утуйбакка эрэ
туран, дьон у´уктуохтарын иннинэ, та²а´ын абырахтана оло-
роохтообута...
1927 ñ.
10