Page 13 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 13

иттэ турар этэ. Ол турдаҕына: «Нохоо, тахсан аты көлүй эрэ!»
— диэтэ тойоно Бүөтүр оҕонньор.

    — Сөп. Ол ханна байаҕын? — диэн, холумтаҥҥа атаҕын
тос-тос тэбиэлии-тэбиэлии, тоҥон бөлүөстүбүт тылынан уол
ыйытта.

    — Нохоо, аны эн эрэпкиэм буолаҥҥын ыга үктээри, мин
ханна барарбын силиэстийэлээтиҥ дуо?! Бэйи, аргыый хабар-
ҕабар түс! Ол эрээри, баҕар, хотон куттуоххут даҕаны суоҕа!
— диэн, оҕонньор суон күөмэйинэн суоһуран кэбистэ. Уол,
куттаммыт курдук, үтүлүгүн, бэргэһэтин холумтантан ылан,
купчурус гынан хаалла.

    — Дьэ өрө көрбүт оҕолор тыыннара тахсар дуу, суох дуу?
Ама кинилэр бэйэлээхтэри туох «кыайар» үһү! Сыакаардар!..
Аны биһиги уочараппыт ама кэлбэтэх үһүө? Дьэ атаспын Ньох-
чоо уолун кытта кэпсэтэр күнүм үүннэ дуу, суох дуу? Мин
үрдүбэр чохчойоро, боротокуолунан куттуура эрэ бэрт этэ.
Араас баайбын: саҕынньахтары, хааһахтары — тутан ылаттыы-
ра. Дьэ билигин хайабыт үрдүкү буолар? Бүөтүр оҕонньор
дуу, имииһит Ньохчоо уола кини дуу?! — дии-дии, күлэн күһү-
гүрүү-күһүгүрүү, Бүөтүр оҕонньор урут сискэ хорҕотон турбут
улаан атынан бырааба диэки сыннаран истэ.

    Киэҥ Чөркөөх дэриэбинэ хотун томторугар киирэн кэллэ.
Таҥара дьиэтин кириэһин көрөн баран, боччум баҕайытык
кириэстэннэ. Былыргы бырааба олбуорун уҥа ааныгар үрүҥ
былаах анньыллан турарын көрөн баран эмиэ кириэстэннэ.
Тоҕо кириэстэммитин бэйэтэ да билбэтэ. Дьэ үс хонук иһи-
гэр бу дойдуга киһи-сүөһү үксээбит. Иннэ-кэннэ кэрбэммит
курдук мултуллубут, боччоруспут тоҥус төрдүгэстээх, таба
саҕынньахтаах дьон, бииргэм: «Быраат, быраат!» — дии-дии,
үллэрэҥнэс буолтар. Олбуор ойоҕоһугар араас мас даҕаны,
көмүс даҕаны ыҥыырдаах аттар, муус кыаһаан буолан, чох-
чоһон тураллар. Урукку волревком чарапчытын үрдүгэр ха-
йыы үйэҕэ былыргы бырааба өрүөлүн, аҥаар кыната тоһун-
нар даҕаны, анньан кээстэр. Уҥа диэки муннукка биир миҥэ
атыыры биир тойоҥҥо биир киһи бэлэхтээн эрэр быһыылаах,
дьон бөҕө бөлүөхсүбүт.

    Били биһиги оҕонньорбут кэлэн, сыарҕатыттан түһэн, төрдүн
кутуйах кэрбээбит сабыс-саҥа кыл көнтөһүнэн атын сэргэҕэ
туомтуу тардан баайан кэбистэ.

    Дьиэҕэ киирэн: «Ыстаап тойоно баар дуо?» — диэтэ.
    — Баар. Аас! — диэн буолла.
    Оҕонньор саалаҕа киирдэ.

                                                                                                                                      13
   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18