Page 12 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 12

ЛИТЕРАТУРАЛАР АЛТЫҺЫЫЛАРА

    Нуучча литературатыттан дьахтар ыар дьылҕатын көрдөрөр
айымньылары булан ааҕыҥ, бу кэпсээни кытта тэҥнээн көрүҥ.

          Өйдөө, болҕой

    Ретроспекция — айымньы дьоруойа урукку олоҕун ахтан-санаан
кэпсиирэ ааттанар (кэпсээн иһигэр кэпсээн).

                                                                  КЭРЭ ЭЙГЭТИГЭР

    2006 сыллаахха Н. Аржаков уһулбут «Аанчык» диэн киинэни
көрүҥ, киинэ кэпсээнтэн уратылаах дуо?

Уруок кэнниттэн
    Дьиҥ таптал олохсуйбут дьиэ кэргэн олоҕун туһунан кылгас

дьүһүйүү-киинэтэ уһулан чугас дьоҥҥутугар бэлэхтээҥ.

Ааҕыы, сэ´эргэ´ии

                   Охоноон

                   (1921 сыл)

                   I

    Кыһын. Сарсыардааҥҥы омун тымныы тумана, уҥуоргу тыа
көстүбэт гына будулҕан буолан турбута. Киһи-сүөһү тыына
бииргэм иһиирэн эрэр курдук сып-сыыгынас этэ. Мастыын-
оттуун барыта чоҥкунас тыастаммыта. Бэл диэтэр, көс бы-
һаҕастаах ыал халҕанын тыаһа «кыыкыр» гынан иһиллэр этэ.

    Дьэ тымныы бөҕө буолта!
    Бу үлүгэр тымныыга сирэйиттэн-хараҕыттан уу ыгыллан
тахсыар диэри ыга тоҥмут биир хамначчыт уол уһун баҕайы
хотонноох, икки сирэйдээх оһохтоох суоруу балаҕаҥҥа киирэн

12
   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17