Page 11 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 11
Тылбытын байытабыт
Сэниэ ыал — үптээх-астаах, кыахтаах (киһи, ыал).
Түнэ этэрбэс — таҥастаммыт тайах эбэтэр таба тириитэ (түүтэ
суох).
Ыарахан, оһоҕостоох эбэтэр хат дьахтар – оҕолоноору сылдьар
дьахтар.
Дьүөдэ — тыа быыһыгар тулата дулҕалаах, ыарҕа-сэппэрээк үүнээ-
йилээх көлүччэ курдук уу.
Отуу — быстах кэмҥэ (хол., бултуу, оттуу сылдьан) олорорго ту-
туллубут хахха.
Отоһут — анал үөрэҕэ суох, отунан, норуот эмтиир ньымаларынан
эмтиир эмчит.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Кэпсээҥҥэ Мыычаар уйадыйар, муҥатыйар, кэмсинэр тү-
гэннэрин күүһүрдэн биэрэр тыллары булуҥ. Дьоруой майгы-
тын-сигилитин тиэкистэн холобурдаан ситэрэн биэриҥ:
«бэрт диэн нарын», «сырдыкка дылы сэбэрэлээх», «киһи
таптыан курдук».
2. Суруйааччы Мыычаарга сыһыанын ырытарга холонуҥ.
Мыычаар соҕотох хаалар сордоох анала — бу оҥоһуллубут
аньыы содула дуу эбэтэр буруйданан бэйэни күһэйэн олох
үтүөтүттэн көҥүл аккаастаныы дуу?
3. Аанчыктаах Мыычаарга саҕаланан испит тапталы, истиҥ
сыһыаны тиэкистэн булан бэлиэтэниҥ, үйэлээх таптал ки-
һиттэн тугу эрэйэрий, ирдиирий?
4. Мыычаар төрөппүттэригэр тугу этиэххит этэй? Аанчык суох
буолбутун кэннэ Мыычаар ийэтигэр сыһыана уларыйбыта
буолуо дуо?
5. Кэпсээни түмүктүүр кэрчиги өссө биирдэ ааҕыҥ, Мыычаар
«...òà²à´ûí àáûðàõòàíà îëîðîîõòîîбута...» диэн суру-
йааччы ааҕааччыларын туох санааҕа тириэрдэрий? Бүтэр
бүппүтүн кэннэ олоҕу абырахтыахха сөп дуо?
Тыыннаах тыл
· Аныгы Мыычардарга, Аанчыктарга тугу сүбэлиэххит этэй?
·«…Сиэбиттэр биһиги баарбыт. Сиэбит ийэтэ, аҕата бааллар.
Кини оҕо …оҕо этэ, этэ-хаана ситэ илик этэ», — диэн Мыычаар
муҥатыйар саҥата туохха үөрэтэрий?
11