Page 7 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 7

ллаҕа, үчүгэйин даа», — диэн манньыйан, уйадыйан хааллым.
Хор, ол курдук, к³р³³т, соҕотохто сүрэҕим-быарым ортотунан
киллэрдим. Ки´и оҕордук муода буолар эбит этэ. Оттон бу
саа´ым тухары үчүгэйи даҕаны, ку´аҕаны даҕаны к³рб³хт³³түм
ини, ол тухары биирдэ даҕаны ол курдук буолбатаҕым.

    Онтон туран, мин уоран туой хараҕым кырыытынан одуула-
´а, кы²а´а олордохпуна, бии кыы´ым, Аанчыгым бокуонньук,
оо, оччоҕо үчүгэй да этэ, уу долгунун курдук хааман (кү³х ыр-
баахылаах этэ) чуулаа²²а киирэн хаалла. Ол түүн хонон, сар-
сы²²ытыгар дьиэбэр т³нн³н, аҕыйах хонон баран аҕабыныын
иккиэн кэпсэтэн, халыымын с³бүлэ´эн, Аанчык с³бүлүүр буо-
лан, мин сааскытыгар (дьоно буолуохсуттар биир сылы уоран-
нар, эрдэ биэртэрэ) уон биэстээх кыы´ы сүгүннэрэн аҕала-
бын. Дьэ, би´и бэйэ-бэйэбитин олус таптастыбыт. Оҕордук
сүрэхпит, санаабыт биир буолла, сорох ардыгар букатын
оҕо курдук оонньуур этибит. Биирдэспит суоҕар биирдэспит
тылыттан-³´үттэн матан, тэ´ийбэт, бииргэ сылдьар буолан
хааллыбыт. Кини туох хамсыыра барыта миэхэ күндү, үчү-
гэй, сүрэҕим ортотунан киирэр этэ. Эчи Аанчыгым барахсан
бэйэтэ да майгына үчүгэйэ, иккиэн да биирбит, хайабыт да
т³рдүнэн, баайынан киэбирбэт, киэбирэ ү³рэммэтэх буолан,
тэ²мит да бэрдэ. арахан сылдьан, сайын куйаас баҕайы күн
от мунньа туран «уутай» диирин ³йдүүбүн эбээ...

    Онтон биирдэ, ол сайын Аанчыгым о´оҕостоох сырыттаҕы-
на, ийэм буолуохсут сымыйанан хобулаан — оҕордук саха да
эмээхситтэрэ кулахайдаах, дьиэктээх буолаллар эбит этэ —
ки´и ойоҕун ү³рэтэр, та´ыйар баҕайыта, ү³рэтэн биэр диэн,
Аанчыкпын сыстым. Онтон ыла Аанчыгым миигиттэн хоргуппу-
та. Ону билигин кэмсиммитим, илиибин-атахпын кырбаммы-
тым и´ин, аны кэлэн Аанчыгым мин тылбын истэрэ биллибэт,
— диэн баран, оҕонньор харбыт курдук ах барда, хараҕын уута
иэдэ´ин устун сүүрэн түстэ...

    — Ол кырбаатаҕым киэ´э, утуйаары, ороммор кэлбитим,
арай Аанчыгым сык-сык ытыы сытар эбит. Эрэйдээҕим оҕото
онно тугу-тугу санаабыта, т³´³ хоргуппута буолуой? Ону мин,
дьүлэй ку², халы² тирии, билиэм дуо?! Ол тухары биир тылы
эппэтэҕэ, бүтэйдии ытаабыта, оттон мин, акаары, дьон ойох-
торун бары сынньаллар дии, мин сыспатахпына, сии-саат да
буолаа ини диэх курдук саныыр ки´и этим...

    Дьэ онтон бэттэх Аанчыгым күн-түүн дьүдьэйэргэ барбы-
та. Са²ата-и²этэ аҕыйаан, туой санааргыыр этэ. Арай мин
биирдэ, тыанан бы´а тү´эн, ыалтан истэхпинэ, Аанчыгым ынах

                                                                                                                                       7
   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12