Page 5 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 5
күлүк боро² кут-ньуолах с³рүүкэтэр суорҕанынан: «Чэ, оҕом,
утуй, уоскуй», — диэбиттии, алгыы-таптыы саба тарта.
Барыта сымнаата, чуумпурда. Хампа наҕыл тыа, им-ньим
баран, сүү´үн аннынан к³р³н сургуллан турда. К³ст³р ыырым,
дойдум бүтүннүү даҕаны, ыйытан баран ылыммыкка дылы,
ылы-чып барда. Күнүс оҕолор с³тү³лээн аймыыр уулара,
таас кыырпаҕын курдук ³р³ сандаара ы´ыллара тохтоон, ү³л-
дьү³л буолан, лу²куран сытта. Сайылык буор сыбахтаах бала-
ҕаннара кыччаан, намтаан, күнүс к³рб³т³х ки´и манна ыал баар
буолуо дуо диэх курдук, и²эн-сүтэн, күл курдук бору´ан,
хапта´ан тураллар. Онуоха дьон баарын соруйан биллэрээри
гыммыттыы, арай илин ыал түптэлэрин буруота ордук сыр-
даан, к³ҕ³р³н тыа ба´ынан, халлаан сиигин курдук, унаарыйа
сыыйыллан турбута.
Уонна им-ньим, ылы-чып, сып-сымнаҕас, с³п-с³рүүн.
Ол эрээри утуйа илик ки´и, бы´ыыта, син баар эбит: сайы-
лык арҕаа у´угар тиит оҕуруоттаах икки ыалтан илин диэкитит-
тэн биир ки´и, сонун с³рүү туттан, аргыый бэдьээлээн хааман,
оҕуруоту тахсан, туос түннүгэ туртайан к³ст³р балаҕа²²а,
халҕанын тыа´аппакка, сэрэнэн үктээн, киирэн кэллэ. К³р-
д³хх³, туус ма²ан баттахтаах, кыра у²уохтаах, бэрт диэн
нарын, хайдах эрэ сырдыкка дылы сэбэрэлээх, кыра соҕус
ньохчоҕор, быллаллыбыт уостаах, мыччыллыбыт сирэйдээх,
ки´и таптыан курдук Мыычаар диэн оҕонньор буолан биэрдэ.
Киирэн, у²а, сытар оронун диэки туллар-туллар, татыр-тутур
хааман кэлбитигэр, баста´а сытар Дьаллай диэн уол ыйытта:
— Оҕонньоор, бу ханна сырытты²?
— Ээ, та´араа ыалга, — диэтэ аргыый Мыû÷ààð, ³ð³ òûû-
íà-òûûíà.
— Оттон тоҕо хойутааты²? Мин ханна бардаҕай диэтим ээ.
— Ээ, бэйэм...
— Ол бэйэ² тоҕо?
— Дьэ бэркэ да ыйытты², доҕор... Былыргыбын, доҕорбун
санаан... — диэн баран, түргэн соҕустук ³лбүт доҕорун Аанчы-
гы к³р³³рү, кулун суорҕанын бүрүнэ тардынан, сытан барда.
Санаатын түмээри, хараҕын бы´а симэн, чапчаа´ын курдук
сүү´үн быччы´ыннаран, тугу да истибэтэрбин, Аанчыкпын к³р-
д³рбүн дии санаан сытта. Ол сыттаҕына, уола:
— Ол ханнык доҕоргун? — диэн эмиэ ыйытта.
Мыычаар, тохтуу тү´эн баран:
— Аанчык диэни, — диэтэ.
— Ону эн тоҕо ити ыалга тахсан саныыгын?
5