Page 18 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 18
курдук буолан иһэн, тайаммыт илиитэ уйбакка, «лис» гына тү-
һэн, эмиэ им-дьим баран хаалла.
Онтон сотору соҕус тыын киллэрэн, истиэнэҕэ кэлтэгэй-
дии нэһиилэ өйөнөн олорон, ким бааргын, өрүһүй диэххэ айы-
лаахтык, уҥуох илиитинэн салгыны харбыалаата. Суох, кими
да булбата, арай муннук тымныы чэҥин харбаан көрдө. Онтон
арыый көнөн, чэҥнээх эркиҥҥэ көхсүнэн өйөннө уонна «хар»
гына хаанынан силлээтэ.
— Хара дьайдар!.. Бүтүн Арассыыйаны син биир кыайбакка
саатыаххыт ээ. Абам эбит, бу кэриэтин биирдэскитин эмэ ан-
ныбар баттаан баран өлбүтүм буоллар! — диэн баран, бөтөн,
сымыһаҕын быһа ытырда.
Бу олордоҕуна, эмискэ күлүүс тыаһа халыгырыы түстэ. Хаа-
йыы тимирдээх халҕана күлүр гына аһылынна, түөрт саалаах
киһи ааҥҥа адаарыстылар.
Таһырдьа дьиэ ааныгар моойторуктаах хара ыт, тоҥнохпун
даа, хаһан тахсаҕын диэх курдук, муннун хамсата-хамсата, хас
киирэр-тахсар киһини сытырҕалыы олордо. Кэлин уһугар тии-
йэн ыксаата быһыылаах, бүрүөлээх халҕаны тарбаан тардыр-
ҕатта. Ол олордоҕуна, арай эмискэ дьиэ аана тэлэс гына
түстэ уонна биир саалаах киһи: «Чэт, бу туох ыта булла!» —
диэт, ыстыыгынан өтөрү түстэ да, сыыһа анньан кэбистэ. Ол
да буоллар ыт тахсыбыт дьону, тоҕо эрэ кулгааҕын ньылаччы
туттан, хараҕын күлбүт курдук көрөн, батыста.
Түүн күтүр тымныыта, хараҥата олус хойдубут, бэл диэтэр,
сулустар тоҥон кыччыырга дылы гыммыттар. Халлаан буол-
лаҕына үрдүк бэйэтэ намтаан, симилиэс курдук дьэбидийэн,
ыга баттыахха айылаах буолбут.
Аллара, үрэх толоонун ортотугар, арыы тыа, баатанан суу-
ламмыт курдук маҥхайан, утуктуу турара.
Били дьон онно бардылар. Тыа саҕатыгар баар кыра соҕус
ырааһыйаҕа тохтоотулар. «Тур манна!» — диэн, били Бүөтүр
оҕонньор көрсүбүт бандьыытын «хамандыыра» бэлэһэ хайдыа-
ҕынан хаһыытаан тоҕо барда. Чоҥкуйа тоҥмут тыа мастара:
«Һук! Бу туохпут кэллэ?!», — диэбиттии, соһуйан саҥа алла-
йарга дылы гыннылар уонна бары үмүөрүспүт курдук иһиллии-
көрө, ылы-чып бардылар.
Икки илиитэ кэдэрги кэлгиллибит киһини улахан тиит атты-
гар туруордулар. Кини аттыгар моойторуктаах хара ыт кэлэн,
сүрдээх үчүгэйдик кылап-халап көрө-көрө, олорунан кэбистэ.
Киһи, ытын көрөн баран, дьэ билигин эрэ өйдөммүт курдук,
сүрэҕэ ыарыйда. Кини хараҕар үстээх уолчаана көһүннэ, кү-
18