Page 22 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 22

Ааҕыы, ырытыы

                         Көмүстээх үрүйэ

                             (Сэһэнтэн быһа тардыы)

                                          Алдан кыһыл көмүс кылаатын арыйбыт-
                                      тарга аныыбын.

                                                                                                               Ааптар

    Биир күн Кураанах ¥рүйэни батыһа тахсан иһэн, Уйбаанча
тыал хастаан таҥалай курдук кэрдиистээбит кумаҕар, алтан
аалыытын маарынныыр, туох эрэ кылабачыгас дьүһүннээхтэри
көрбүтэ. Онтон кини ол кумаҕы үтүлүгүнэн тарыйбыта. Онуоха
били кылабачыгастар тарыйдаҕын аайы элбээн испиттэрэ. Уй-
баанча хараҕа кэҥии, сирэйэ итийэ түспүтэ. «Кыһыл көмүс...»,
«Адыччалааҕар ордук баай...» — итинник быстах санаалар көтөн
түспүттэрэ. Кини Сэдьүк оҕонньору ыҥыран ылан көрдөрөө-
рү гыммыта, оҕонньор ыраатан хаалбыт этэ. Уйбаанча хаһыы-
таары, айаҕын атан, салгыны эҕирийэн ылан баран, саҥа та-
һаарбакка эрэ, тохтоон хаалбыта. Кини хаһыытаабатаҕын төрдө
буолбута: «Ойуурга сылдьан хаһан да хаһыытаабат буол», —
диэн оҕонньор үөрэтиитин өйдөөбүтүттэн. «Хаһыыттан-ыһыыт-
тан кыыл үргэн, тэһиитийэн хаалар», — диирэ Сэдьүк куруутун.

    Уйбаанча саҥата суох, кумах үрдүгэр төҥкөйөн туран, эмиэ
үтүлүгүнэн тарыйан көрбүтэ.

    «Ама, кырдьык, мин дьоллоох киһи үөскээбитим буолуо
дуо?» — диэн уоһун иһигэр ботугуруу-ботугуруу, сиэбиттэн ис-
пиискэ хаатын ылан, маһын ытыһыгар сүөкээн кэбиһэн баран,
хоруопкатын толору баһан ылбыта. Ол кэннэ «киэһэ оҕонньор-
го көрдөрүөм» дии санаан, көмүһүн сиэбигэр уктан кэбиспитэ.

    Уйбаанча кыһыл көмүс улахан сыаналааҕын кырдьаҕастар
кэпсээннэриттэн истэрэ. Ол да буоллар кини биир да эбэҥки
кыһыл көмүһү эбэтэр атын да күндү тааһы булан байбытын
билбэт этэ. Оттон былыр, биэс уонтан тахса сыллаахха кэлэ
сылдьыбыт нууччалар, кыһыл көмүстэн киһи улаханнык байар
диэн, кэпсээбит кэпсээннэрэ күн бүгүнүгэр диэри дьоҥҥо
тарҕана сылдьара. Ол гынан баран эбэҥкилэртэн оннугу көр-
дүүрүнэн дьарыктаммыт киһи диэн суох этэ. Арай, кини эрэ,
били Ньэмэк кинээс ыттыы «чоттоон» таһаарбытыттан ыла,
«көмүһү булбут киһи» диэн улаханнык баҕарар буолбута.

    «Бу, Уйбаанча булбут алтан аалыытын курдук, кылабачыгас

  22
   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26   27