Page 26 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 26
дүүр буолбаттар дуо? Кыһыл көмүс куһаҕан тыына буоллаҕына,
ону тоҕо көрдүүллэрий?
— Уйбаанча, куһаҕан аата — куһаҕан, мин эппитим курдук,
илдьэн сүөкээн кэбис. — Кырдьыга, Уйбаанча билигин да кы-
һыл көмүс туох куһаҕаннааҕын өйдөөбөтөҕө.
— Оҕонньоор, кыһыл көмүс туох куһаҕаннааҕый? Кыһыл кө-
мүстэн дьон элбэх баайданар, үптэнэр буолбаттар дуо?
Сэдьүк оҕонньор саҥата суох, оргууй аҕай оронун оҥостон
барбыта. Уйбаанча: «Мин тылбар оҕонньор туох диэн харда-
рар эбит», — диэн көһүтэн турбута.
— Чэ, турума, оҥостон сыт! — диэн Сэдьүк көмүс туһунан
тугу да эппэккэ, Уйбаанчаны утуйарга дьаһайан барбыта.
Уйбаанча утуйар диэки санаммакка, ыйыппыт ыйытыытыгар
оҕонньор быһаарыытын көһүтэн, өссө да турбута.
— Тоҕо тураҕын, ороҥҥун оҥоһун.
— Кыһыл көмүс туох куһаҕаннааҕый?
— Туох куһаҕаннааҕын сыппытыҥ кэннэ кэпсиэм, — диэбитэ
Сэдьүк оҕонньор.
Уйбаанча кыһыл көмүс туох куһаҕаннааҕын истээри, бэрт
тиэтэлинэн тэллэҕин тэнитэн, сыгынньахтана охсон сыппыта.
Оҕонньор оронун оҥостон баран, уот иннигэр тиийэн хамса-
тыгар табах уурунан тардан бурҕаҥната олорбута. Уйбаанча
26