Page 29 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 29

симэн киллэрэн оргута уурбута. Онтон күөһүн күөстээн, аһын
астаан, бэлэмнээн баран:

    — Оҕонньоор, тур эрэ! — диэн Сэдьүгү ыҥыран көрбүтэ.
    — Тоойуом, ыарыйдым быһыылаах. Сэбиргэҕим кыайан хам-
саппат, — диэбитэ оҕонньор, ыараханнык сөтөллө-сөтөллө.
    — Оҕонньоор, саатар, чэйдэ кутан биэриим.
    — Суох, тоойуом, кыайан... — Сэдьүк эмиэ сөтөллөн барбы-
та, онтон хайдах эрэ салгыны эҕирийэн ылан баран: — Хата,
табахта! — диэбитэ.
    Уйбаанча оҕонньорго хамсатыгар табах ууран, уматан биэр-
битэ уонна чэй кутан, илдьэн, тэллэҕин аттыгар уурбута.
    — Оҕонньоор, быһыыта, улаханнык ыалдьыбыккын. Мин бү-
гүн бултуу барыам суох.
    — Кэбис, тоойуом, эн бултаабатаххына, тугунан дьон буо-
луохпутуй? Мин ыарыым ааһыа буоллаҕа дии. Бэҕэһээ Тоҥмот
үрэх тааҥнаабытын көрүмүнэ, тааҥҥа түһэ сылдьыбыппыттан
сэбиргэхтэттим быһыылаах. Киэһээҥҥэ диэри сэргэхситээ ини.
Миигин манаан олоруоҥ дуо, булкар бар.
    Уйбаанча: «Барабын дуу, суох дуу?», — дии санаан, бэрт
өр саараан баран, оҕонньор «бар» диириттэн күһэллэн, бул-
дугар тахсыбыта. Кини бултуу да сылдьан санаата оҕонньо-
руттан арахпатаҕа. Киэһэ сурдугар төннөн киирэн иһэн, «уот
көстөрө буолаарай?» диэн көрө сатаабыта да, туох да бил-
либэт-көстүбэт, им-ньим этэ. Онтон хайдах эрэ «сык» гына
түспүтэ. Сурдугар тиийэ охсоору хардыытын түргэтэппитэ да,
тоҕо эрэ сири кыайан хороппот курдуга. Сурдун ыксатыгар
кэлэн тохтоон, иһиллээн көрбүтэ, Сэдьүк оҕонньор ыар баҕа-
йытык ынчыктыыра, сөтөллөрө.
    «Оҕонньор эрэйдээх ыарыыта ааспатах, сөтөлө өссө кытаап-
пыт», — дии саныы-саныы иһирдьэ киирбитэ. Сурт иһэ хабыс-ха-
раҥа этэ. Уйбаанча уот оттон баран, оҕонньорун көрбүтэ: кини
сирэйдиин-харахтыын кубулуйан, букатын буорайан сытара.
    Уйбаанча саҥата суох тахсан мас мастаабыта, күөс буһа-
рыммыта. Күөһэ буспутугар хоторон баран:
    — Оҕонньоор, аһаан көр, — дии-дии, биир кырбас таба этин
аҕалан ууран биэрбитэ.
    — Суох, тоойуом, аһыыр кыах суох. Ыарыым эбии бэргээн
иһэр, — Сэдьүк уоһун иһигэр ботугураан эппитэ.
    Онтон Уйбаанча, аһаан баран, бултаабыт тииҥнэрин сүлэ
олордоҕуна:
    — £лөр күн, дьэ, кэллэ быһыылаах, — диэбитэ Сэдьүк.
    — Туох диэн эттэххиний, сотору үтүөрүөҥ буоллаҕа дии...

                                                                                                                                      29
   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33   34