Page 31 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 31
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Тоҕо «Ити биһиги, эбэҥкилэр, баайбыт буолбатах» диэн
Сэдьүк оҕонньор эппит тылларын Уйбаанча ыарыылаахтык
ылынна? Ону Сэдьүк бэйэтэ туох диэн быһаарарын айым-
ньыттан булан холобурдааҥ.
2. Киһи баарын тухары куруук дьолго-соргуга тардыһар, оттон
Уйбаанча дьол туһунан санаата Сэдьүк оҕонньор толкуйут-
тан туох уратылааҕый? Уйбаанча уонна эн санааҥ биир дуо?
3. Көмүс, алмаас уонна да атын сиртэн хостонор баайдаах сир-
дойду олоҕо хайдах буолуохтааҕын тойонноон көрүҥ, аах-
пыт айымньыларгытыттан холобурдааҥ.
4. Сэһэни толору ааҕыҥ. Билиҥҥи кэмҥэ сиртэн хостонор баа-
йы туһаҕа таһаарарга олохтоох омуктар кыттыылара тоҕо
мөлтөҕүй?
Тыыннаах тыл
· «Сиртэн хостонор баай уонна төрүт омуктар дьылҕалара» диэн
тиэмэҕэ өйтөн суруйуҥ.
· «Көмүс — харах уута» диэн өй-санаа олохсуйарыгар туох төрүөт
баарый?
· Саха сирин аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын дьылҕаларын
көрдөрөр айымньылары ааҕыҥ, кылааска кэпсэтиитэ тэрийиҥ.
УУС-УРАН ТЫЛ ЭЙГЭТИГЭР
«Олорор мутуккун кэрдимэ» диэн өс хоһооҥҥо олоҕуран, олох-
путугар баар кыһалҕалары быһаарарга холонуҥ (экология, де-
мография, тыа сирин сайдыыта, кэскилбит — ыччакка уо.д.а.).
Аны биэс, уон сылынан Сахабыт сирэ сайдар хайысхаларынан
бырайыакта оҥоруҥ.
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
Саха сиригэр көмүс баайын булбут, көмүс хостонуутугар үлэ-
лээбит олохтоох дьон туһунан чинчийэр үлэтэ оҥоруҥ.
31