Page 41 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 41
Советскай былааһы, коммунизм идеятын утары барбыт киһи,
итини кыайан өйдүөҥ, итини кыайан этиэҥ дуо?!
Н и к о л а й. Миша, тохтоо, уоскуй, мин эйигин быыһыы
кэллим..
М и х а и л (өр соҕус убайын одуулаан турар, аа-дьуо уба-
йын сонун тимэҕиттэн тутар, үөрбүттүү). Кырдьык дуо, мин
кырдьык быыһанабын дуо? Чэ, ыл этэ оҕус!! Түргэнник!
Н и к о л а й. Миша, кырдьык буолумуна. (Быраатын кууһар.)
Эн быыһанан таҕыстаххына, иккиэн бииргэ сылдьыахпыт, эйи-
гин мин ротабар көмөлөһөөччү командирынан ылыам, ону
штабка сөбүлэтиллиэ.
М и х а и л (убайыттан төттөрү ыстанар). Ах, оннук эбит
дии! Эн миигин итинник суолунан быыһаары гыммыт эбиккин
дии, ону мин өйдөөбөккө, үөрэ истибиппин...
Н и к о л а й. Миша, Миша, эн хайдах өйдөөбөккүн, эн бука-
тын быыһанаҕын, өссө командир буолаҕын, мин онтон ордук
эн тускар тугу оҥоруом этэй?
М и х а и л (кэннинэн тэйиэккэлиир). Суох!.. Суох!..
Н и к о л а й. Миша, өйдөө эрэ, эн быыһанаҕын, эн өлбөккүн,
эн көҥүл бараҕын, онтон ордук туох наада? Эн иннигэр мин
төһө эмэ көрдөстүм-ааттастым...
М и х а и л. Суох... Суох...
Н и к о л а й. Миша, өйдөө эрэ, миэхэ да ыарахан, кытаа-
нах суол, мин көрөн турдахпына эйигин өлөрөллөрө дьулаан.
Эйигин аһыйан ийэм сордоноро, мин үрдүбэр ытыыра миэхэ
да чэпчэки үһү дуо? Өйдөн, саатар эн итини, бэйэҥ тускар
ылыммат буоллаххына, ийэҥ туһугар ылын.
М и х а и л (санаарҕаан). Оттон көннөрү босхолоон кэбиһэр
кыаҕыҥ суох дуу?
Н и к о л а й. Суох, Миша, суох буолан, аан дойдуну быһа
сүүрэн, эн тускар көрдөһө сырыттым, бу түүн букатын утуйба-
тым. Биһиэхэ холбостоҕуна, эн быраатыҥ буоларын быһыы-
тынан, быыһыыбыт дииллэр.
М и х а и л (кытаанахтык). Суох, мин табаарыстарбын, идея-
бын атыылаабаппын, таҥнарааччы буолбатахпын. (Истиэнэ диэ-
ки хайыһар.)
Н и к о л а й. Миша, өйдөөн иһит эрэ, эн букатын быыһа-
наҕын ээ... Букатын. Ийэҥ эмээхсин хайдах эрэ үөрэр этэ,
билигин эйигин өлбүтүнэн ааҕа сылдьар. Ону билэ-билэҕин,
быыһанар суол баар буолбутун кэннэ, бачча эдэр сааскар со-
руйан өлө да турар сүрэ бэрт буолбат дуо?!
41