Page 46 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 46

НИКОЛАЙ АЛЕКСЕЕВИЧ ГАБЫШЕВ
                                      (1922—1991)

                                          Үөһээ Бүлүү Хомустаах нэһилиэгэр
                                     төрөөбүтэ. Бииргэ үөскээбит үөлээн-
                                     нээхтэрэ Николайы кыра эрдэҕиттэн
                                     билиигэ тардыһар, түүннэри кини-
                                     гэ ааҕар уолчаан этэ диэн ахталлар
                                     эбит. Үһүс кылааска сылдьан айбыт
                                     хоһоонноро оскуола эркин хаһыаты-
                                     гар тахсаллара. Николай Габышев
                                     Дьокуускайдааҕы учуутал үнүстүүтүн
                                     бүтэрбитэ, онтон 1941 сыллаахха 19
                                     саастааҕар Аллайыахаҕа учууталынан
                                     анаммыта. М. Горькай аатынан лите-
                                     ратура үнүстүүтүн үрдүкү литератур-
                                     най куурустарыгар үөрэммитэ.

                                          1947 сыллаахха «Хотугу сулус» аль-
манаахха Индигиир өрүскэ буолбут быһылаан туһунан «Хотугу
сэһэн» диэн кэпсээнэ тахсыбыта. Бастакы бөдөҥ айымньытын,
«Ыраах Амычааҥҥа» сэһэни, 1951 сыллаахха бэчээттэппитэ.
Кылгас көрдөөх кэпсээннэр уонна сатира кинигэлэрин аап-
тардара.

    В. Ажаев «Далеко от Москвы» диэн романын, М. Шатров
«Шестое июля», А. Корнейчук «Память сердца» уо.д.а. пьеса-
лары сахалыы тылбаастаабыта.

         Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

    «Н. Габышев прозаҕа сүрүн тиэмэтэ — таптал. Ааптар сүрүн дьо-
руойа — боростуой үлэһит киһи. Кини дьоруойдара тапталга бэри-
ниилээхтэр, уйаҕас дууһалаахтар. Н. Габышев дьоруойдара араас
быһыыга-майгыга түбэһэллэр, ол эрээри кинилэр манна киһилии
сирэйдэрин хаһан да сүтэрбэттэр, төттөрүтүн үтүө хаачыстыбалара
көстөн кэлэллэр. Н. Габышев айбыт романтическай дьоруойдара,
дьикти, кэрэ эйгэтэ ааҕааччыны абылыыллар».

                                                                                                 В.Б. Окорокова

    «Айар үлэнэн дьарыктаммытын былаһын тухары Николай Габы-
шев литератураҕа туох эрэ сонуну, саҥаны булан эттэрбин диэн ыра
санаанан салайтаран айбыта, суруйбута. Кини норуотугар суруйан

  46
   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50   51