Page 49 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 49
сыллаата. Мин эмиэ кистээн, хараҕым кырыытынан кинини
одууластым.
Эмээхсин, саппыйатын сүөрэн, уҥуох буолбут, титирэс тар-
бахтарынан тугу эрэ кымаахтаһан ылан, айаҕар угунна уонна
бэрт минньигэстик уоһун салбанан кэбистэ.
Мин тулуйбатым:
— Хайа, эмээхсин, табаҕы сиир эбиккин дуу? Табахтааххын
дуо? Бэрис эрэ. Сарсыардаттан тарда иликпин, — диэн ити
табаҕар баҕаран көрдөстүм.
Эмээхсиним сирэйин мырчыстаҕаһын иэдэһигэр өссө хо-
йуннаран, хара харахтарын сымната сылаанньытан, мичээр-
дээн кэбистэ.
— Нохоо, табах үһү дуо, буор дии... Буор эбээт бу... — диэтэ
уонна түгэҕэр буордаах саппыйатын миэхэ уунан көрдөрөөт,
кичэйэн хам баайан, эмиэ хаҥас этэрбэһин оһугар уктан кэ-
бистэ. Онтон дьэ быһааран эттэ:
— Тукаам, миигин муодарҕаама... Ити мин төрөөбүт алаа-
һым буорун кистээн Булуҥҥа илдьэ барбытым, алааспын олус
аҕыннахпына, сүрэхпин-быарбын сымнатан, ити курдук сыл-
лаан, амсайан кэҥиибин... Чугаһаан баран, дойдубун, алаас-
пын Хомустааҕы өссө ордук аҕыннаҕым үһү...
49