Page 50 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 50

Сонно сотору борохуоппут кэллэ, «һуу-һаа» буолла.
    Уҥуор тахсан, сор болдьохтоох, аны ааһа барар массыына-
бытын күүтэргэ тиийдибит. Субу сотору киириэхтээх диэн эп-
питтэрэ да — мэлигир.
    Били эмээхсин туораспыта, илин эҥээргэ тахсан, талах
быыһыгар үмүөрүһэр дьон ортотугар маҥан баттаҕа туртаҥ-
ныыра, эмиэ да олорорго дылы этэ. Мин бииргэ чэйдээри ки-
нини көрдөөн булбатаҕым. Истибитим: «Бачча чугаһаан баран,
хайа муҥун хаайтаран олордомуй, алааспар сатыы да тиийээ
инибин», — диэт, сыыры сатыы дабайан бара турбут.
    Оччоҕо массыына биир-икки эрэ, ол-бу такси, мотоцикл
эҥин диэн суох кэмэ этэ. Уонна ким да билбэт эмээхсинэ.
Суолу билэр буолан туруннаҕа...
    Онон эмээхсиҥҥэ ким да соччо кыһамматаҕа.
    Хас да хонон баран, Чурапчыга ити дьикти эмээхсин туһу-
нан манныгы истибитим.
    Эмээхсин самыырга суос-сатыы үс түүннээх күн хааман,
дойдутугар тиийиминэ, аҕыс көстөөх сиргэ кэлэн, суол кытыы-
тыгар сытарын, Куратов диэн нуучча шофер булан, дойдуту-
гар тиэрпит. Эмээхсин икки атаҕа сүүлэ иһэн хаалаахтаабыта
үһү... Эмээхсин аата Балбаара эбит.
    Ити эрээри, оройуон киинигэр тиийээт, өр тохтоомуна,
Балбаара эмээхсин сэттэ биэрэстэлээх төрөөбүт алааһыгар
Хомустаахха сатыы ааспыт.
    Алааһыгар тиийэн, икки илиитин быластаан туран, Балбаа-
ра эмээхсин ытыы-ытыы салгыны кууспут уонна умса түһэн
сытан, алааһын кырсын сыллаабыт, уураабыт, имэрийбит...
    Ол курдук Балбаара эмээхсин балайда сытан, нус-хас буо-
лан баран, дьэ туран чугас ыалга тахсыбыт... Дьэ итинник
буолар арыт төрөөбүт буор ахтылҕана диэн, доҕоттоор!

          Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Айымньыга эһигини ордук туох долгутта? Тоҕо?
    2. Суруйааччы сүрүн дьоруойу ойуулуурун болҕойон ааҕыҥ.

        Кэпсээн устатын тухары дьоруой тас көрүҥүн кэтээн көрүҥ.
    3. Төрөөбүт буорга таптал уратытын, уһулуччу күүстээҕин аап-

        тар суруйуута киһини итэҕэтэр дуо? Тиэкистэн бигэргэтэр
        чахчылары булуҥ. Талан кэпсииргэ бэлэмнэниҥ.
    4. Ааптар Балбаара эмээхсин дойдутун кытта көрсүһэр үрдүк
        үөрүүтүн ханнык тылларынан биэрбитий?

  50
   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55