Page 54 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 54
Ааҕыы, сэ´эргэ´ии
Ньургуһуннар
Халаан уутун сүүрүктэрэ
Халдьыгырыы уһуннулар.
Хойуукатын үүммүттэрэ
Халдьаайыга ньургуһуннар.
Сайылыгым кыргыттарын
Санаттылар ньургуһуннар.
Баанан кээстэр былааттарын,
Бөлөх-бөлөх муһуннулар.
Биһилэҕи кистэһэллэр,
Битийэн атах тэпсэллэр.
Оргууй аҕай кэпсэтэллэр,
Уолаттары кэтэһэллэр.
Кыыртан куотар кус буоланнар
Кылбарыһа сырсыахтара.
Баҕар, бырыычыкалааннар
Бары саһан хаалыахтара...
...Кэтэһимэҥ, ньургуһуннар,
Кэлбэттэр аны уолаттар.
Отучча кыс хаар уулунна.
Уолаттар аҕам дьон буолтар.
Тылбытын байытабыт
Халдьаайыга — алаас, күөл сыралҕан өттө, үрдүк өттө.
Бырыычыкалааннар — сасыһа оонньууллар.
Анаан дьүүллэһии
1. Хоһоон эһиэхэ ханнык иэйиини, санааны уһугуннарда? Бэ-
йиэт ис туругун ааҕааччыга уус-уран ньыма ханнык кө-
рүҥүнэн тиэрдэрин ырытыһыҥ.
2. Бу хоһоон Н. Габышев «Төрөөбүт буор» кэпсээнигэр чу-
гас өрүттэрин таба бэлиэтээҥ. Атын омук литературатыт-
тан ханнык суруйааччылар айымньыларын тэҥнээн ыры-
тыаххыт этэй?
54