Page 58 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 58
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Сөбүлээн аахпыт, ырыппыт хоһооҥҥут лирическэй дьоруойун
мэтириэтин ойуулааҥ.
Тэҥнээн көрүү
Иван Федосеев тылларыгар «Сардаана» ырыаны толорооччулар
тустарынан матырыйаалла хомуйуҥ. Бу ырыа ханна, хаһан толорул-
лубутун туһунан кэпсэтиһиҥ. Түмүгүн дакылаат оҥорон, кэмпириэн-
сийэҕэ кыттыаххытын сөп.
Өйдөө, болҕой
Эпитет диэн биридимиэккэ, көстүүгэ өҥ-дьүһүн, бэлиэ, хаачыс-
тыба биэрэр быһаарар тыл. Эпитет тырымныы түһэр тыыннаах уоба-
раһы, дириҥ, киэҥ хоһоону биэрэр.
Лирическэй дьоруой диэн поэзия айымньыларыгар арыйыллар
ааттамматах дьоруой.
Тэҥнээһин (тэҥнэбил) диэн биир биридимиэти, көстүүнү атын
биридимиэккэ, көстүүгэ бэлиэлэринэн маарыннатан этэр уус-уран
ньыма.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
«Киһи уонна айылҕа тиэмэтэ Иван Федосеев — Доосо айымньыла-
рыгар бигэтик киирбитэ. Аар тайҕаны, аарыма өрүстэри, киэҥ киллэм
сыһыылары, үөрүнэн күйгүөрэр көтөрү-сүүрэри кытта көрсүһүүлэр
кэрэни кэрэхсииргэ, улууга умсугутарга үөрэтэллэр, Ийэ дойдуга
итии тапталы иитэллэр. Кини айымньылара айылҕа уратылаах сим-
фониятын итэҕэтэр уран, нарын дууһалаах буолаллар.
Холобур, «Маҥнайгы хаар» хоһоонугар айылҕа көстүүтүн кимтэн
да уратытык хоһуйарга кыһанар:
Ити мин күн күбэй ийэм
Солко саптары субуйбата,
Биитэр үөр куба эргийэн,
Кынаттарын кылбаҥнаппата.
Доосо уһун үйэлээҕи, үтүөҕэ угуйар айымньылары үйэ аҥаарыгар
чугаһыыр кэм айбыт, суруйбут. Кини бэртээхэй хоһоонноругар Саха
58