Page 61 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 61
Анаан дьүүллэһии
«Төрөөбүт дойду диэн — истиҥ иһирэх дьонум» диэн этии
оруннаах дуо? Киһи биир дойдулаахтарын туһунан саныырын
төрөөбүт дойдутун ахтарын кытта дьүөрэ тутара сөп дуо?
Ааҕыы, сэ´эргэ´ии
Таптаа
Төгүрүк алааскын эн таптаа!
Манна эрэ, ханна да буолбатах,
Үрүҥ Уолан оҕо сааһа ааспыта,
Туйаарыма Куо туналыйа хаампыта.
Кыракый балаҕаҥҥын эн таптаа!
Манна эрэ, ханна да буолбатах,
Олоххо дьулууру уруйдаан,
Олоҥхо төрөөбүтэ аан бастаан.
Тиэргэниҥ сэргэтин эн таптаа!
Манна эрэ, ханна да буолбатах,
Манчаары Баһылай маҥан ата
Дарбааннаах айаҥҥа турбута.
Кыракый ыллыккын эн таптаа!
Манна эрэ, ханна да буолбатах,
Эн төрүт өбүгэҥ кута-сүрэ
Үйэ-саас уйатын булбута.
Тылбытын байытабыт
Ыллык — сатыы киһи эбэтэр сүөһү эрэ сылдьар кыараҕас суола.
Анаан дьүүллэһии
Бэйиэт бу хоһоонугар норуот төрүт үгэһин туһунан тугу би-
лиэххэ сөбүй? Үтүмэн үйэлэргэ «норуот номоҕо», норуокка баар
талаан, дьоҕур туоһута буолбут уобарастары Моисей Ефимов бы-
һаччы ыйар, олору булуҥ, тугу кытта ситимнээхтэрин быһаарыҥ.
61