Page 66 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 66

— Сэмэй дьону абааһы көрөбүн, — аргыспыт өһөс киһи буо-
лан биэрдэ. Кини олус долгуйбут көрүҥнээҕэ. Мин билигин
даҕаны ити кэпсэтии туохтан ситимнээн саҕаламмытын өй-
дөөбөппүн. Дьоннор, кэпсэтиһии интэриэһинэй буолаары гым-
мытын билэн, чөрбөҥнөһө түспүттэрэ.

    — Эһиги олус соһуйумаҥ, мин инньэ диир бырааптаахпын!
Биир бэртээхэй киһи сэмэйин содулуттан тыһыынчанан дьон-
нор билигин өлөр туруктаахтар, өссө төһө киһи өлүө билли-
бэт... Бэйи, мин итини олохтоон-сиэрдээн кэпсээтэхпинэ та-
быллыыһык, — киһибит бөппүрүөскэ ылан уматынна, дириҥник
эҕирийэн бэрт минньигэстик табахтаата. — Киһи уорганнарын
атын киһиэхэ көһөрөн олордуу билигин кыалла илик боппу-
руос, ону эһиги бары бэркэ билэргит буолуо. Оттон төһөҕө
ити боппуруос быһаарыллыа биллибэт... Дьиҥинэн, мин ити
кэпсиир сэмэй киһим бу проблеманы уонча сыллааҕыта си-
тиһиилээхтик быһааран турар...

    — Алҕаһыыргыт буолуо, — мин итэҕэйбэтэҕим. Идэбинэн
биолог, физиолог уонна буолаары буолан уорганнары көһөрөн
олордуу боппуруоһун кытта сибээстээх тиэмэнэн дьарыктана
сылдьар киһи истэрбэр тараҕай киһи кэпсээнэ олоҕо суох этэ.
— Биллэн турар, дилетант...

    — Итэҕэйбэккит? Мин ону дьиктиргээбэппин, — кэпсээн-
ньит миигин одууласпахтаата. — Киһи хомойуох курдук. Эн
биолог этиҥ дии бадаҕа? Омугуҥ саха этэ дуо?

    — Сахабын. Онно туох баарый?
    — Томмот Иванович Долгунов диэн саха киһитин билэриҥ
дуо?
    — Суох...
    — Да! Чахчы талааннаах киһи этэ. Кини аата киһи аймах саа-
май улуу дьоннорун аатын кытта тэҥҥэ ааттанар кыахтааҕа.
Ону баара, сэмэйиттэн ... билигин туох да суох! Оннооҕор эн
кинини билбэккин: биолог, саха...
    Кини мунчаарбыт курдук тохтуу түспүтэ. Түннүгүнэн остоол-
боҕо ыйанан турар лаампалар симик уоттара кини сирэйигэр
түһэн элэҥнээн ааһаллара, бадаҕа, ханнык эрэ кыракый стан-
цияҕа чугаһаан эрэрбит.
    — Уорганнары көһөрөн олордуу тоҕо кыаллыбатый? Ити сү-
рүн биричиинэтэ — уорганнар бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһис-
пэттэрэ буолар. Олордуллубут уорганы, өскөтүн иммуннай
систиэмэ утарылаһар, көмүскэнэр дьоҕурун уодьуганнаабатах-
ха, бэрт сотору кэминэн организм өстөөҕүн курдук көрөн,
сиэн, өлөрөн кэбиһэр.

  66
   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71