Page 69 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 69

атын эйиэхэ тугу да этиэм суох этэ. Эдэриҥ бэрт ээ, эдэриҥ
бэрт...

    Мин сөбүлэспитим. Эмтэнэн үтүөрбэппин билэр этим, от-
тон ити эпэрээссийэ, төһө да боруобалана илигин иһин, баҕар,
табыллан хаалыан сөптөөҕө. «Ууга түһэн эрэр киһи соломоттон
тутуһар» диэн өс хоһооно баар.

    Киэһэлик дуоктарым төһө саастааҕын таһыттан көрөн кыа-
йан быһаарбат, хара бараан сирэйдээх, оттомноохтук, сылаас-
тык көрбүт ыйаастыгас соҕус саһархай харахтаах, номоҕон
көрүҥнээх, орто уҥуохтаах билбэт бырааспын батыһыннаран
киирбитэ.

    — Томмот Иванович, ыарыһаҕым бу баар, — диэн мин дуок-
тарым аҕалбыт киһитин кытта миигин билиһиннэрбитэ.

    Томмот Иванович сып-сымнаҕас илиитинэн миигин онон-
манан баттыалаан, тутан-хабан көрбүтэ, тымырым тэбиитин
бэрэбиэркэлээбитэ. Бартыбыалыттан дьэҥкир таас иһити
ылан, пинцетинэн маарыланы ытыртаран таһааран, атаҕым
тиҥилэҕин соппохтоон баран, иһитигэр төттөрү укпута уонна
кичэйэн ыга хаппахтаабыта.

    — Чэ сөп, көрдүөхпүт, — диэн кини дуоктарга туһаайан
эппитэ. Онтон мин диэки көрбүтэ уонна ис киирбэхтик ми-
чээрдээбитэ. — Оттон эн тулуй, кэтэс, барыта үчүгэй буолуо.

    Кини нууччалыы үчүгэйдик уонна хайдах эрэ ураты минньи-
гэстик тартаран саҥарара. Томмот Иванович, кылгас кэм иһи-
гэр бэрт аҕыйах да тылы саҥардар, быһыытынан-майгытынан,
тас көрүҥүнэн, эрэллээхтик туттарынан-хаптарынан уонна ки-
һи киһиэхэ кыайан эппэт тугунан эрэ миигин абылаабыта. Мин
кинини быыһыа диэн ис-испиттэн эрэнэн кэбиспитим.

    Ити кэмтэн ыла эпэрээссийэни күүтэр муҥар түспүтүм. Би-
риэмэ аастар ааһан, бардар баран испитэ. Миигиттэн хойут
туох да эбии анаалыс ылбатахтара. Итини барытын сыымай-
даан көрө-көрө, кэнникинэн: «Арааһа, Томмот Иванович ак-
каастаннаҕа буолуо», — дии санаабытым. Оттон мин дуокта-
рым саҥата суох харахпынан ыйытыыбар: «Тулуйа түс, дуонар
суох», — диэн хардарара. Мин дуонар наадатын билэр этим.
Хайа эрэ доруобай, эдэр киһи оһолго түбэһэн өллөҕүнэ, ол
быара миэхэ олордуллуохтааҕа... Ити туһунан мин санаабат
буола сатыырым. «Аҕыйах быар килиэккэлэриттэн быары үүн-
нэрэр буола сотору үөрэниэхтэрэ, наука барыны кыайар кыах-
таах», — диэн дуоктарым, мин мунчаарарбын билэн, биирдэ
кэпсээбитэ. Ол миэхэ чэпчэтиини аҕалбатаҕа.

    — Миигиттэн тоҕо анаалыс ылбаттарый? — саҥата суох кэ-

                                                                                                                                      69
   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73   74