Page 74 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 74
бэйэтэ эмиэ, сотору буолаат, өлбүтэ, балыыһа салалтата ула-
рыйбыта. Атын интэриэһиргиир киһи көстүбэтэх.
— Бырастыы гын, Пётр Николаевич, мин санаабар, Томмот
Иванович сэмэйэ итиннэ соччо сыһыана суох быһыылаах, кини
ити кэмҥэ бэйэтин чинчийиитин туһунан бэчээккэ таһаарта-
рара, кэмпириэнсийэлэргэ кэпсиирэ эрдэ эбит быһыылаах...
— Эрдэ диигин дуу? Суох, доҕоччуок, кини саатар лабо-
раторнай уопуттарын туһунан суруйуох этэ. Төһөлөөх киһини
быыһаабытай? Саҥа ньыманан оҥоһуллубут биир эпэрээссийэ
ситиһиилээхтик бардаҕына, сорохтор, бука, ыстатыйа суруйал-
лара чахчы. Ол саамай сөп! Атыттар батыстыннар, бэрэбиэр-
кэлээтиннэр.
— Томмот Иванович уруулуу эттээх-хааннаах дьоннору бу-
ларбар ыты туһанабын диэн кэпсиирэ эбитэ буоллар, баҕар,
үгүстэр өйдүө суох, били бэйэҥ этэн аһарбытыҥ курдук, кү-
лээччилэр даҕаны көстүөх этилэр. Бииргэ да үлэлиир дьоно
итэҕэйбэттэр эбит быһыылаах. Итиччэ үчүгэй түмүктээх үлэ-
ни батыһааччы, салҕааччы көстүбэтэх... Ыстатыйа суруйбута
буоллар, хайаан да мөккүөр тахсыах, Томмот Иванович үлэтин
мэһэйдиэх этэ. Бука, утарылаһааччылара эпэрээссийэлиирин
74