Page 71 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 71
эмэ итинник түбэлтэни билэр дуо? — Пётр Николаевич ба-
рыбытыттан ыйыппыта да, дьиҥинэн, миэхэ туһаайан эппитэ.
— Киһи уорганнарын көһөрөн олордууну бэлиэтиир норуот-
тар икки ардыларынааҕы бюро соторутааҕы матырыйааллара
көрдөрөллөрүнэн, аан дойду үрдүнэн барыта уон үс тыһыын-
чаттан тахса бүөр, икки сүүс сүүрбэччэ сүрэх, сүүс аҕыс уонча
быар көһөрөн олордуллубут. Сүрэҕи көһөрөн олордуу кэннит-
тэн киһи муҥутаан түөрт-биэс сыл, бүөрү көһөрүү кэнниттэн,
өскөтүн көһөрүллүбүт бүөр игирэ аҥаарын киэнэ буоллаҕы-
на, муҥутаан уон аҥаар сыл олоруон сөп, оттон саҥа быар
көһөрүллүбүт киһитэ түөрт сыл кэриҥэ олорор. — Мин тугу
билэрбин кэпсээн биэрбитим.
— Ити төһө эмэ эмтээһин, харыстаныы бөҕө үрдүнэн! От-
тон мин...
— Ойдом түбэлтэ буолуон эмиэ сөп... Быһатын эттэххэ...
— Итэҕэйбэппин диэ... Ол гынан баран, доҕоччуок, Томмот
Иванович бэрт элбэх киһини эпэрээссийэлээбитэ, олор бары
муус өлүөрдэр. Уонтан тахса сыл устата биир тимэх эми сиэ-
бэккэ, биир укуолу ылбакка сылдьалларын үрдүнэн. Ону туох
диигин?
— £скөтүн итинник улахан суолталаах арыйыы оҥоһуллубу-
та буоллар, биллиэх этэ, — мин бэриммэппин.
— Мин ол иһин этэбин — сэмэй дьону абааһы көрөбүн диэн.
Бэйи, өссө салгыы кэпсиим. Балыыһаҕа сытар кэммэр мин
Томмот Ивановиһы кытта бодоруспутум. Мин кинини иккиһин
тыыннаабыт таҥарам курдук көрөрүм, ол биллэр суол. Биһи-
ги иккиэн бэйэ-бэйэбитин өйдөһөр этибит, бэйэ-бэйэбитигэр
тардыһарбыт. Бука уруулуу эттээх-хааннаах дьонтон ураты
уруулуу дууһалаах дьоннор эмиэ баар буолуохтаахтар. Кини
олус талааннаах, өйдөөх киһи этэ, үтүө сүрэхтээҕэ. Ити бары-
та кини сирэйигэр, төлөн буолан сиэркилэҕэ курдук, сырдыы
тыгара, ол иһин дьоннор, көрдө-көрөөт киниэхэ чугаһыы, кини
сылааһын иҥэринэ, киниэхэ тардыста сатыыллара, ону кини
кими да тэйиппэт этэ.
Томмот Иванович хирургическай отделение сэбиэдиссэйи-
нэн үлэлиирэ. Омуга, эппитим курдук, саха. Нуучча кыыһын
кэргэн ылан, онтон куонкуруһунан мединститукка кафедра сэ-
биэдиссэйинэн талыллан, дойдутуттан-сириттэн тэлэһийбитин
кэпсиирэ. Сахатын сирин туһунан олус тартаран, истиҥник са-
наан үгүһү сэһэргиирэ. Ол кэнниттэн өр санаарҕаабыт көрүҥ-
нэнэрэ. Дойдутун наһаа ахтар быһыылааҕа. Кини аата Томмот
диэн, сахалыыттан нууччалыы тылбаастаатахха, «тымныыттан
71