Page 73 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 73
ҕас иччититтэн хаалбата. Бобуулааҕын үрдүнэн, кини сороҕор
ытын палаталары кэрийэригэр кытта илдьэ сылдьара. Дьик-
титэ диэн баар, ытын муннун үксүгэр маарыланан саба баа-
йара. Балыыһа бары быраабылатын ымпыгын-чымпыгын ту-
туһар, ону атыттартан кытаанахтык ирдиир киһи бэйэтэ ыты
батыһыннарара, ытын муннун баайара миигин дьиктиргэппитэ,
ол иһин мин биирдэ тоҕоостоох кэмигэр түбэһиннэрэн ити
тоҕотун ыйыппытым. Ону кини эппитэ: «Космоска аан бастаан
тахсыбыт Белканы уонна Стрелканы өйдүүгүн дуо? Баһырҕас
киһи аймахха өҥөтө итинтэн итэҕэһэ суох буолуо».
— Эн итинэн тугу этээри гынаҕыный?
— Мин кэлин аналлаах литератураны хасыһан туран аахпы-
тым. Киһи муннугар биэс тыһыынча, оттон немецкэй овчарка
муннугар икки сүүс сүүрбэ биэс тыһыынча сыты билэр килиэк-
кэлэр бааллар диэн суруйбуттаахтар. Ыт күрүөйэхтэри, үспү-
йүөннэри атахтарын суолунан ирдээн тутар, ытынан нарко-
тиктары, сиртэн хостонор баайдары, гаас турбата алдьаммыт
сирин көрдөтөллөр. Оттон биир сыттаах дьону арааран билэр
гына ыты иитэр, үөрэтэр уустук үһү дуо? Биир састааптаах
эттик да, уруулуу эт-хаан да эмиэ биир сыттаах буолуохтаах.
Арааһа, Томмот Иванович Баһырҕаһы итинник үөрэппит бы-
һыылаах. Анаалыска киһи уллуҥаҕын, хонноҕун аннын сытын
ылар эбит буоллаҕа. Оччоҕо Баһырҕас муннун тоҕо итиччэ ха-
рыстыыра, палатаҕа илдьэ сылдьара өйдөнүөн сөп курдук.
— £ссө биир өйдөнүөх курдук... — кэпсээнньит тохтуу түс-
тэ, — Томмот Иванович өлүүтэ... Бэйдиэ сылдьар ыттары
өлөртүүр туһунан куорат советын быһаарыыта тахсыбыта. Ыт
кырдьык олус элбээбитэ, иирэр ыарыы тарҕаммыта эбиитин.
£лүү болдьохтоох, биир сарсыарда эрдэ туран, Томмот Ивано-
вич ытын күүлэйдэтэ сырыттаҕына, массыына тиийэн кэлбитэ.
Массыынаттан ойон тахсыбыт киһи, хаһыытаппыта-хаһыы-
таппытынан, ыт төһө эмэ бэлиэлээҕин, быалааҕын үрдүнэн,
Баһырҕаһы ытан кэбиспит. Томмот Иванович ону тулуйбатах...
Биир хомолтолооҕо диэн, кини үлэтин туһунан тугу да суруйан
хаалларбатах, бэчээттэппэтэх. Атын эбитэ буоллар, аан дой-
дуну аймыах этэ. Оттон кини олус сэмэйэ... Ол иһин этэбин
ээ, сэмэй дьону абааһы көрөбүн диэн. «Матырыйаал өссө аҕы-
йах... Эпэрээссийэлэммит дьону кэтээн көрүөххэ... £ссө төгүл
бэрэбиэркэлиэххэ, боруобалыахха наада, онтон...» Бүттэҕэ ол.
Диниэбинньигэ, эпэрээссийэтин былаана, уопуттарын бо-
ротокуола баара эбитэ буолуо. Миигин эмтээбит дуоктарым
73