Page 72 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 72

куттаммат», «тымныыттан толлубат» диэн эбит. Дьэбир соҕус
аат. Оттон кини ити аатыгар сөп түбэспэт олус уйан, олус
чараас дууһалааҕа. Ону билэн, бэл, халыҥ да тириилээх өттө,
кинини хомотумаары, кыра ыарыыларын кистии, бэрээдэги ту-
туһа сатыыр буолаллара.

    Итини сэргэ олус сэмэйэ...
    — Ол ханнык ньыманы булбутуй? Сэмэйэ онно туох сыһыан-
нааҕый?— мин тулуйбатаҕым.
    — Туох ньымалааҕын мин билбэтим. Билэр да киһи баар
буолуо дии санаабаппын... «Научнай төрүтэ суох үлэлиир.
Томмот Иванович уруулуу эти-хааны сытырҕалаан быһаарар»,
— диэн күлэллэрэ сорохтор...
    — Сытынан быһаарар диэтиҥ дуу? — мин соһуйа түстүм.
£һүргэнним даҕаны. Онтон уоскуйа түһэн баран таспар таһаа-
ран толкуйдуурдуу ботугураатым. — Сыт... Наука өссө да ситэ
үөрэтэ илик биир хараҥа муннуга... Билиҥҥи сыты араарар
прибордар олус, өссө да олус бороҕойдук үлэлииллэр. Эт-
хаан уруулуутун сытынан билии, мин санаабар, фантастика.
    — Ээ, эдэр киһиэ,— аргыспыт кэпсээнин бэрт болҕомтолоох-
тук иһиллээн олорбут оҕонньорум кэпсэтиигэ кытынна. — Би-
лиҥҥи үйэҕэ фантастика диэн суох. Эһигини билигин космос-
ка көтөр аппарааттар, электроннай чаһылар, видеотелефоннар
дьиктиргэппэттэр. Оттон былыр биһиги космическай ракета-
лардааҕар буолуох сиэпкэ уктуллар радиоприемник туһунан
фантастическай романнарга эрэ ааҕарбыт. Дьиҥнээх саҥа
арыйыыны бастаан тутатына, кырдьык, киһи өйдүү охсубат,
дьикти урукку өйдөбүлгэр сөп түбэспэт буолар.
    Мин Пётр Николаевич кэпсээнин истэн баран, кырдьык,
итинник арыйыы оҥоһуллуон сөп эбит диэн итэҕэйиэх курдук
буолан бардым.
    Оҕонньор итэҕэйэн эрэр дии ити аата. Оттон мин? Мин
манна кинилэр ортолоругар соҕотох специалиспын уонна саа-
май эдэрдэрэбин. Эдэр буолан баран ити оҕонньордооҕор
өйүм-санаам ордук бытааннык үлэлиир дуо? Эбэтэр үөрэммит
үөрэҕим, муспут билиим күрүөтүн иһигэр хаайтарабын дуо?
    — Сытынан быһаарыы... Эн бэйэҥ да итини итэҕэйбэккин
буолбат дуо? Томмот Иванович туох ньымалааҕын билбэппин
диэн бэйэҥ эппитиҥ дии?
    — Мин биир сабаҕалааһыннаахпын, — Пётр Николаевич
ороно кыычыгырыар диэри иҥнэх гыммыта уонна мин диэки
нөрүйбүтэ. — Томмот Иванович Баһырҕас диэн өйдөөх баҕайы,
мэктиэтигэр саҥарбат эрэ, Сибирь лайката ыттаах этэ. Баһыр-

  72
   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77