Page 67 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 67

Аргыспыт кэпсээнин саҕалаабыта:
    — Мин, институкка үөрэнэ сылдьан, быарбынан аалларан
ыалдьыбытым. Эдэр сылдьан киһи доруобуйатыгар улахан
болҕомтону уурбат идэлээх. Бары барыта чэпчэки курдуга, ол
иһигэр ыарыы-сүтүү эмиэ. Ол курдук кистэнэ сылдьан үөрэхпин
бүтэрбитим. Араас тутууларга үлэлээбитим. Идэбин бастааҥ-
ҥыттан сөбүлээн талан ылбытым. Онон үлэбэр табыллан, тар-
таран үлэлээн иһэммин, ыарыым ыга ылан, өр кэмҥэ утары-
лаһа, охсуһа сатаан бараммын, ыксаан быраастарга көрдөрөргө
күһэллибитим. Быраастар миигин мөхпүттэрэ уонна сонно тута
балыыһаҕа укпуттара. Миигин кыһанан-мүһэнэн эмтээбиттэрэ,
хантан эрэ консультацияҕа биллиилээх бэрэпиэссэри кытта
ыҥыра сылдьыбыттара. Оттон туругум күн-түүн ыараан иһэрэ.
    Биирдэ эмтиир бырааһым, сэҥийэтигэр абына-табына бы-
тыктаах, көмүс иилээх ачыкылаах дьарамай оҕонньор киһи,
мин оронум кытыытыгар саҥата суох олорон көхсүн этиппэх-
тээбитэ. Хаста да ачыкытын устан ылан сото-сото кэппитэ.
Мин кини тугу эрэ этээри гынарын таайбытым да, саҥарба-
таҕым.
    — Доҕоччуок, — диэбитэ кини кэмниэ-кэнэҕэс. — Мин эр
киһилии эйигин кытта аһаҕастык кэпсэтиэхпин баҕарабын. Эйи-
гин биһиги билигин эмтээн да, эпирээссийэлээн да үтүөрдэр
кыахпыт суох. Онно бэйэҥ буруйдааххын, олус хойутаан кэл-
биккин.
    — Баһыыба, дуоктар, мин итини барытын билэбин, — дуок-
тар ити этиититтэн мин соһуйбатаҕым. Ол да буоллар итинник
тыллары быраастан истэр ынырык этэ.
    — Арай атын киһи быарын ылан олордор буоллар... — Оҕон-
ньор мин диэки ыйытардыы көрбүтэ.
    Оҕонньор тоҕо миигин кытта аһаҕастык кэпсэппитин дьэ өй-
дөөбүтүм, ол да буоллар кини этиитигэр суолта биэрбэтэҕим.
Мин айаны тулуйар кыаҕым суоҕа. Оттон бу сытар балыыһам
кытыы сир кыракый балыыһата этэ. Киин куораттарга, омук
дойдуларыгар бүөрдэрэ ыалдьыбыт дьоҥҥо атын киһи бүөрүн
көһөрөн олордоллор үһү диэни истэрим. Оттон быары көһөрөн
олордуохха сөбүн билбэт да этим.
    — Манна биир бэрэпиэссэр баар. Көмүс тарбахтаах киһи.
Ол киһи уорганнары көһөрөн олордуу саҥа ньыматын көрдүүр.
Кыылларга, ыттарга, куоскаларга бэркэ табыллар. Билигин ки-
һиэхэ боруобалыахха наада. Онно баҕа өттүнэн сөбүлэһэр ки-
һи наада. Кистээбэккэ эттэххэ, ити куттала суох эпэрээссийэ
буолбатах, оннооҕор муҥурдааҕы оҥорорго ол-бу тахсар. Ол

                                                                                                                                      67
   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72