Page 62 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 62

Тыыннаах тыл

  · Устуруока бүтүүтүгэр дорҕооннор хайдах дьүөрэлэһэллэрин
          болҕойон көрүҥ. Рифма ханнык арааһа баарый?

  · Хоһооҥҥо суруйааччы ханнык тыллары ордук элбэхтэ хатылыы-
          рый, бу айымньы түгэх сыалын ситиһэригэр төрүөт буолар дуо?

                                                   АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

    Моисей Ефимов тылларыгар, Гаврил Слепцов—Дьиэрэҥкэй
матыыбыгар «Төгүрүк алааскын эн таптаа!» ырыаны булан ис-
тиҥ. Ырыаны истэ олорон хайдах хартыынаны көрөҕүт? Уруһуй-
да оҥоруҥ. Айар үлэлэргитин мунньаҥҥыт кылаас иһигэр быыс-
тапка тэрийиэххитин сөп.

          Тэҥнээн көрүү

    Моисей Ефимов «Манчаары ырыата» хоһоонун булан ааҕыҥ. «Бат-
тал уонна өй-санаа күүһэ» тиэмэҕэ Манчаары Баһылай туһунан иһи-
тиннэриитэ бэлэмнээҥ.

          Өйдөө, болҕой

    Символ уобарас диэн уус-уран уобарас бэлиэтэ эбэтэр суруйаач-
чы тугу эмэ этээри, көрдөрөөрү гынарын ханнык эрэ маарынныыр атын
биридимиэтинэн ханарытан, уобарастаан этии. Холобур, холууп — эйэ,
болот — охсуһуу, кыргыс бэлиэтэ.

    Рифма диэн хоһооҥҥо устуруока иһигэр эбэтэр тыл бүтүүтүгэр
кэлиҥҥи дорҕоон дьүөрэлэһиитэ. Рифма түөрт араастаах: наардыы,
паараласпыт, кириэстии, куустарыы.

    Рефрен диэн хоһооҥҥо хас строфа кэнниттэн хатыланар тыллар
эбэтэр этиилэр (ырыаҕа — куплет).

         Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

    «... М. Ефимовка күөл уутун үрдэ тыйаатыр сыаната буолан көстөр,
онно хатыҥнар күлүктэрэ «маҥан сотолоох балерина кыргыттар» буо-

  62
   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67