Page 64 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 64

ни Киhи үйэтэ дииллэр. Ол аата киhиэхэ, кини уйулҕатыгар,
өйүгэр-санаатыгар болҕомтону уурар кэммит тирээн кэллэ.
Билигин араас информационнай технологиялар кэмнэригэр
уопсастыба олоҕор уларыйыылар тахсаллар. Дойду устуору-
йатын, олорон ааспыт олоҕун сыаналыырга, кэлэр кэскилин
түстүүргэ өй-санаа атын таһымҥа тахсыахтааҕа ирдэнэр.

    Билиигэ өрүү тардыстыылаах киһи эрэ олох ыарахаттарыт-
тан чаҕыйбат тулуурдаах, олох туhугар охсуhар дьулуурдаах,
көҥүл өйдөөх, бөҕө туруктаах буолар. Бэйэтэ билэн-көрөн,
ырытан-оҥорон, айан-тутан тахсыбыт киhи көҥүл санааланар,
бэйэтин суолун солонор кыахтанар. Олох хаамыытыттан хаал-
сыбакка үлэлээн, сайдан иһэр.

    Киһи аймах өркөн өйүн кылаанынан буолбут уус-уран ты-
лынан айыы киһи өйө-санаата, быһыыта-майгыта уһаарыллыы-
тыгар улахан суолталааҕа биллэр. Икки атахтаах өйүн өрөгө-
йүнэн, уран тылынан уһаарбыта симэлийэн хаалбакка, кэлэр
кэнчээри ыччатын үтүөнү, үйэлээҕи айарга ыҥырар, угуйар.
Олох уустуктарыттан чаҕыйбат, олоҕу кытта дьүөрэлэhэр,
олоххо бэйэ миэстэтин булунар, олоҕу уларытар кыахтаах ки-
hи буоларга үөрэтэр.

        ГАВРИИЛ СПИРИДОНОВИЧ УГАРОВ — УГААЛААХ
          Биологическай наука дуоктара, бэрэпиэссэр
                                         (1940 с.)

                                          Саха Эһээ дьыла — Гавриил Спири-
                                     донович Угаров, биллииллээх суру-
                                     йааччы, учуонай, саха норуотун биир
                                     чулуу киһитэ. Кини төрөппүттэрэ үөрэ-
                                     ҕэ суох этилэр. Ол гынан баран ийэтэ,
                                     Анна Петровна, саха баай-талым тылын
                                     үчүгэйдик билэрэ, оҕолоругар кыра
                                     эрдэхтэринэ киэһэ аайы остуоруйала-
                                     ан утутара. Аҕата, Спиридон Ивано-
                                     вич, остуоруйаны, олоҥхону сөбүлүүрэ.
                                     Ыалдьыт кэллэҕинэ, ол түүнү түүннээн
                                     олоҥхолотон, остуоруйалатан хонол-
                                     лоро. (Угаалаах фантаст суруйааччы
                                     буолбута түбэспиччэ буолбатах эбит).
Эдьиийэ Настя, үөрэнэ сылдьан, элбэх сахалыы кинигэни бу-
лан аҕалан, киэһэ аайы барыларын мунньан олорон, ааҕан иһи-

  64
   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69