Page 65 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 65
тиннэрэрэ. Настя уус тыллаах оһуокай таһаарааччы этэ. Иккис
эдьиийэ Мария ааҕарга үөрэппитэ уонна сахалыы хоһооннору
өйтөн ааҕарга уһуйбута. Төрөппүттэрэ оҕолоро үөрэхтээх, сай-
дыылаах буола үүнэллэригэр туохтарын да харыстаабатахтара.
Гавриил Спиридонович Угаров 1963 сыллаахха СГУ био-
лого-географическай факультетын биологическай салаатыгар
үөрэнэ киирбитэ. Угаалаах — 1994 сыллаахтан ССРС Суруйаач-
чыларын сойууһун чилиэнэ. Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын уонна суруйаач-
чыларын чилиэнэ.
Кини бастакы хоһоонун 10 кылааска үөрэнэ сылдьан «Бэлэм
буол» хаһыакка бэчээттэппитэ. Ол гынан баран фантастичес-
кай кэпсээннэри суруйууну отутуттан тахсан баран саҕалаа-
быта.
— Тоҕо фантастиканы суруйар буолбуккунуй? — диэн ыйыт-
тахха, — Урут тыытылла илик жанры булан суруйан ааҕааччы
болҕомтотун син тартаҕым дии. Уопсайынан даҕаны, сиргэ
куһаҕаннык сытары таба көрөн булар дьоҕурдаахпын, — диир
кини оонньуу-күлэ.
Г.С. Угаров — 1986 сылтан Российскай Федерация Суруйаач-
чыларын бырабылыанньатыгар фантастическай уонна мүччүр-
гэннээх сырыылары көрдөрөр литература сэбиэтин чилиэнэ.
Ааҕыы, ырытыы
Баһырҕас
Сөмөлүөккэ билиэт суох буолан, куруорпар пуойаһынан
айанныыр буолбутум. Билигин да икки-үс хонук саппаастаа-
ҕым, онон алларанан айанныыр буолбуппуттан, таарыйа си-
ри-дойдуну көрүллүө диэн, өссө үөрэ санаабытым.
— ...Сэмэй дьону абааһы көрөбүн, — тараҕай төбөлөөх, ис
киирбэх дьүһүннээх, маанытык таҥныбыт үскэл нуучча киһитэ
кэпсэтэ олорон тыл бырахта. Кини куолаһыгар абарыы-са-
тарыы, өстүйүү даҕаны дуораана иһиллэргэ дылы гынна. —
Чахчы абааһы көрөбүн.
— Пётр Николаевич, туох диэн эттэххиний? — Мин таспар
аллараа ороҥҥо миэстэлээх, хаар маҥан баттахтаах оҕонньор
кэмниэ-кэнэҕэс дьэ өй булан, көхсүн этиппэхтээтэ. — Сэмэй
буолуу киһини киэргэтэр диэн мээнэҕэ эппэттэрэ буолуо ээ?
Арай ол сиэри таһынан буоллаҕына...
65