Page 68 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 68

гынан баран, Бернард сүрэххэ оҥорор эпэрээссийэтинээҕэр
сэрэҕэ кыра...

    — Тоҕо инньэ диигин?
    — Томмот Иванович, биһиги балыыһабыт хирура. Кини кө-
мүс тарбахтаах эрэ буолбатах, төбөтө эмиэ үчүгэйдик олор-
бут киһи. Бэрт өрдөөҕүттэн Томмот Иванович айылҕа барыта
бэрээдэктээх, атом оҥоһуута, сулус эргийиитэ, үүнээйи үүнүү-
тэ кытта диэн кэпсээччи. Оттон киһи этин-хаанын оҥоһуута
тоҕо бэрээдэгэ суох буолуохтааҕый? Хаан састааба бэрээдэк-
тээх, уруулуу хааннар бааллара биллэн, билигин медицина
төһөлөөх кыаҕырда? Онон уруулуу эттээх, уорганнардаах дьон-
нор эмиэ баар буолуохтаахтар, — диир кини. — Томмот Ива-
нович дьону сэттэ уруулуу бөлөххө араарар...
    — Тоҕо ол оруобуна сэттэ буолуохтааҕый, баҕар, уон сэт-
тэ буолаарай? — ыарыһах киһи тордуохтаһарын, баайсарын
сөбүлүүр. Мин ол эрэн бырааһым кэпсээнин улам интэриэһир-
гээн барбытым.
    — Дьэ, ону билбэтим. Бука, Томмот Иванович даҕаны ити
боппуруоска эппиэттиэ суоҕа. Биир тылынан эттэххэ, кустук
сэттэ өҥнөөх, муусука сэттэ ноталаах... — Оҕонньор илиитин
нэлэҥнэппитэ.
    — Киһи уоргана тоҕо сэттэ уруулуу бөлөххө хайдыан са-
тамматый? Кылаабынайа, Томмот Иванович уруулуу эттээх-
хааннаах дьону арааран булар ньыманы арыйдым, ол ньыма
үөрэтилиннэҕинэ, биһирэннэҕинэ киһи уорганнарын солбуйуу,
көһөрөн олордуу син биир билигин хааны кутар курдук оҥо-
һуллар буолуо диэн этэн аһарбыта. Мин ону итэҕэйэбин, ты-
лын мээнэҕэ тыалга ыспат киһи. Уопут оҥорон элбэх куту-
йаҕы, куосканы бараабыта. Арай тоҕо эрэ ыкка оҥорбот. Чэ,
билигин бэйэҥ быһаар. Сарсыардааҥҥа диэри толкуйдан, —
дуоктар, туран халаатын көннөрүнэ-көннөрүнэ, аа-дьуо хааман
тахсан барбыта.
    Мин ол түүн тугу толкуйдаабыппын, тугу эргитэ санаабып-
пын манна кэпсии сатыыр наадата суох.
    — Хайа, туох диигин? — сарсыныгар дуоктарым кэлэн ыйып-
пыта.
    — Дуоктар, баһаалыста, миэхэ кырдьыккын эт, туох эмэ эрэл
баар дуо? Төһөтүн да иһин манна кытыы сир, кыракый ба-
лыыһа...
    — Кытыы сир. Кыракый балыыһа... — оҕонньор миигин үтүк-
түбүтэ. — Этэбин ээ, көмүс тарбахтаах, олус мындыр киһи
диэн. Мин кинини олус итэҕэйэбин, киниэхэ эрэнэбин, онтон

  68
   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73