Page 63 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 63
лан үҥкүүлээн дайаллар («Көлүччэм»). Манна айылҕа ускуустуба эй-
гэтин көстүүлэринэн уобарастанар. Бэйиэт биир хоһоонугар: «ийэ
айылҕам — дьэ бу баар бэйиэт, мусукаан», — диэн эмиэ эппиттээх...»
Н.З. Копырин
«Убайым курдук ытыктыыр, аҕыс уон иккилээх аарыма кырдьаҕас
аҕа табаарыһым, норуодунай бэйиэт Моисей Ефимов элбэх этии-
лэригэр үгүстүк хатылыыр биир сүрүн санаалаах: «Былыр-былыр-
гыттан аан дойдуга инньэ гректэртэн саҕалаан олохсуйбут мууда-
рай этии баар, дьиҥнээх поэзия үс М-тан турар, олорго тирэҕирэр
диэн. Бастакы М — мифологизм, иккис — метафоризм, үһүс — музы-
кальность».
Н.Н. Тобуроков
Моисей Ефимов — биллэр тылбаасчыт. Кини М. Горькай, Н. Нек-
расов, С. Маршак, С. Щипачев уо.д.а. нуучча суруйааччыларын айым-
ньыларын сахалыы саҥардыбыта. Казахстан, Киргизия уонна хотугу
норуоттар хоһооннорун тылбаастаабыта.
Уруок кэнниттэн
«Саха литературатыгар төрөөбүт дойдуну хоһуйуу» диэн тиэ-
мэҕэ биктэриинэ ыйытыыларын бэлэмнээн, кылааскыт иһигэр
бөлөхтөрүнэн күрэх тэрийэргитигэр сүбэлиибит.
ӨЙ УУҺУН КҮҮҺЭ
Киэҥ билиилээх буол,
Олохтоохтук толкуйдаа,
Ситиһиигин сайыннаран ис!
Тэрис
Күндү оҕолор, «Киһи — кистэлэҥ күүс», — диэн сөпкө да
этиллибит! Хас биирдии киһи — айылҕа сүдү ураты көстүүтэ
буолар. Оттон Аан Айылҕа арылла-таайылла илик таабырын-
нара олус дьикти уонна олус элбэх буоллахтара. Туох бары-
та дириҥ өрүттээх, араас быһаарыылаах буолар. Ким хайдах
көрөрүнэн, өйдүүрүнэн, ылынарынан. Биһиги олохпут биир кэм
буолбатах. Туох барыта уларыйар, сайдар, кэҥиир. ХХI үйэ-
63