Page 70 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 70
тэһэ сатаан баран, биирдэ дуоктарбыттан ыйыппытым. Мин
саныахпар, быары ылан быраҕан баран атын киһи быарын
көһөрөн олордуу курдук уустук эпэрээссийэни оҥорорго олус
элбэх анаалыс оҥоһуллуохтааҕа.
— ¥нүрүүн уллуҥаххыттан маарыланан сотон ылбытын өй-
дүүгүн дуо?
— £йдөөн...
— Томмот Иванович итинтэн атын анаалыска наадыйбат.
Билигин кини дуонары көрдүүр. Матырыйаал элбэх даҕаны,
эйиэхэ уруулуу билиҥҥээҥҥэ диэри көстө илик. Вероятноһа
улахан, сотору көстүөҕэ диэн эрэннэрэр, онон күүт.
Дьэ, дьикти эбит. Мин сөхпүтүм уонна итинтэн Томмот Ива-
новичка эрэлим өссө ордук улааппыта. Эмтиир быраас, мин
санаабар, туох эрэ кистэлэҥнээхтик, киһиэхэ өйдөммөттүк тут-
туохтаах-хаптыахтаах.
...Онтон сотору соҕус буолан баран түүн, бадаҕа, сарсыар-
данан быһыылааҕа, «Дуонар көһүннэ, эпэрээссийэлэнэ бара-
ҕын», — диэн илдьэ барбыттара. Тиийээппитин кытта сонно
тута эпэрээссийэлиир сиргэ аһарбыттара. Томмот Иванович
тугу да саҥарбакка эрэ мичээрдээн кэбиспитэ. Кини мичээрэ
миэхэ ханнык да тыллааҕар күндү этэ, санаам көтөҕүллүбүтэ.
Мин киниэхэ эмиэ мичээрдээбитим. Томмот Иванович бу сы-
рыыга мин атаҕым уллуҥаҕыттан эрэ буолбакка, хонноҕум
анныттан уонна быарым туһуттан эмиэ маарыланан со-
тон ыла-ыла, тус-туспа бытыылкаларга угуталаабыта уонна:
«Эпэрээссийэҕэ бэлэмнээҥ», — диэн этээт, тахсан барбыта.
Сотору төннөн киирбитэ.
— Сөп түбэһэр. Олус үчүгэй. — Кини туттара-хаптара олус
наҕыл, олус холку этэ.
Миигин Томмот Иванович бэйэтэ эпэрээссийэлээбитэ. Быар-
бын ылан быраҕан баран, массыынаҕа дэҥнэнэн өлбүт киһи быа-
рын олордубут этэ. Эпэрээссийэ бэркэ ааспыта. Наркозтан уһук-
таат даҕаны, мин чэпчээбит, чэбдигирбит курдук санаммытым.
— Сиигиҥ остоҕуна, муус доруобай буолуоҥ. Эмкэ наады-
йыаҥ суоҕа, — диэбитэ миэхэ Томмот Иванович, эпэрээссийэ
кэнниттэн хас да хонон баран.
Миэхэ олорпут быардара мин эппин-хааммын кытта уруулуу
үһү, онон туох да эмэ, уотунан тыктарыыта суох миэхэ бэйэм
урукку быарым курдук быар буолуохтаах үһү. Оттон уруулуу
буолбатах уорган, били мааҕын этэн аһарбытым курдук, урут
дуу, хойут дуу, төһө да эмтэммитиҥ иһин, туллан түһүөхтээх
эбит. Эппитин курдук билигин мин муус доруобайбын. Ким
70