Page 75 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 75
да бопторуохтара эбитэ буолуо, ону Томмот Иванович билэн
эрдэҕэ...
Ол иһин дьоҥҥо туһаны оҥорорун ордордоҕо, иккиһинэн,
элбэх матырыйаалы мунньан, эпэрээссийэлэммит ыарыһахта-
рын өр кэмҥэ кэтээн көрөн баран, биирдэ үчүгэй олохтоох
үлэни суруйардыы былааннаннаҕа. £лүөм диэн хантан билиэй,
этэргэ дылы, инникини тымтыктанан көрбүт суох.
— Батыһааччылара суох диэтиҥ дии? Бары кинини утарба-
тахтара чахчы. Оттон салгыы үлэлээн барарга иккис Баһырҕас
баар буолуон наада, ону иитиэххэ, үөрэтиэххэ... Мин ити туһу-
нан Москваҕа баран биир эмэ уорганнары көһөрөн олордуунан
дьарыктанар бэрэпиэссэргэ кэпсиэхпин баҕарабын...
— Москваҕа, Ленинградка, Харьковка да баран туһа суох
буолуо, — баччааҥҥа диэри саҥата суох олорбут төрдүс ки-
һибит, үрдүк сүүстээҕин, ачыкылааҕын уонна саҥата суох тугу
эрэ толкуйдуурдуу тутта сылдьарын иһин испэр «философ»
диэн ааттаабыт аргыспыт кэпсэтиигэ кытынна. — Куорат дьоно
Томмот Иванович ньыматын өйдүөхтэрэ дии санаабаппын.
Айылҕа сокуона уларыйбат, онон ол сокуону ким баҕарар ха-
һан баҕарар аһыан сөп дииллэр. Холобур, Эйнштейн төрөө-
бөтөҕө буоллар, вероятность теориятын, баҕар, кыратык хойу-
таан ким эрэ арыйыа, айыа этэ диэн. Ити сүнньүнэн син сөп.
Арыйыахтар этэ, ол гынан баран хаһан — сүүс, икки-үс сүүс
сылынан? Галилей оҥорбут телескобун үс үйэ иннигэр оҥо-
руохтарын сөптөөҕө... Итинник холобуру элбэҕи аҕалыахха сөп.
Киһи тугу көрдүүрүн ону көрөр, ону булар дииллэр. Чинчи-
йээччи саҥаны арыйыыта олорор кэмиттэн уонна кини тус
бэйэтиттэн тутулуктаах. Итини сэргэ, холобур, бу түбэлтэҕэ
курдук, үөскээбит эйгэтэ, култуурата эмиэ оруоллаах буолуон
сөп. Томмот Иванович талаанын таһынан, кини омуга саха буо-
лан ити кэпсиир арыйыыгытын оҥорбут.
— Туох диэн эттэҥий?— Оҕонньор өйдөөбөтөҕүнэ, сөхтөҕүнэ
буоларын курдук, сөтөллө түһэн баран, көхсүн этиппэхтээтэ.
— £йдөөбөтүгүт дуо? Быһаччы эттэххэ, Томмот Иванович
курдук үөрэхтээх, талааннаах чукча, манси эбэтэр эбээн дуу
итинник арыйыыны оҥоруохтарын сөбө. Пётр Николаевич, эн
ыттааххын дуо?
— Баар. Баһырҕас диэн аата. Ол гынан баран, хомойуох
иһин, мин ытым бастакы Баһырҕас буолбатах.
— Ол биллэр. Ыт, эн өйдөбүлгэр, тугуй?
— Ыт диэн, оттон ыт... Ыт киһи доҕоро...
— Мин итинтэн атын эппиэти эйигиттэн күүппэтэҕим. £һүр-
75