Page 80 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 80

улахан ыстатыйата тахсыбыт. Ыстатыйатын бүтэһигэр кини су-
руйар: «Саха сирэ уһун үйэлээх дьонунан аатырыан аатырар.
Холобур, бу Хоту эбэ кытылыгар сытар Долбор сэлиэнньэти-
гэр олус элбэх уһун үйэлээх кырдьаҕастар олороллор. Манна
186 сааһын туолбут Чагда Байанаайап, 156 саастаах Сахыйа
Эрдэлиирэбэ, 145-тээх Тыаһыт Хойутуунап курдук ытык кыр-
дьаҕастары кытта сэргэ, 100 саастарыттан быдан тахсыта-
лаабыт 60-ча оҕонньор уонна эмээхсин баар. Кинилэр бары
кэриэтэ билигин да чэгиэннэр. Совхоз үлэтигэр төһө күүстэрэ
кыайарынан көмөлөһөр дьон: кыһынын бултууллар, сайынын от
үлэтигэр сылдьаллар. Ол курдук быйыл сайын кырдьаҕастар
күүстэринэн 320 тонна бастыҥ хаачыстыбалаах от оттонон
совхозка туттарылынна. Ити иһигэр Чагда Байанаайап быйыл
бастакы кылааһы бүтэрбит хос сиэнин Сарыал Байанаайабы
доҕор оҥостон, 4 тонна оту оттоото. Манна даҕатан эттэххэ,
Чагда кырдьаҕас 15 оҕолоох, сиэннэрин ахсаана 320-чэ ки-
һиэхэ тиийдэ. Улахан уола, 151 саастаах Төкөс Байанаайап, би-
лигин Саха государственнай университетын медицинскэй фа-
культетын устудьона.

    Саха сиригэр төһө да уһун үйэлээхтэр элбэхтэрин иһин,
биһиги билэрбитинэн, бачча элбэх уһун үйэлээх дьон биир дэ-
риэбинэҕэ олороро биллибэт этэ. Бу туох эрэ биричиинэлээх
быһыылаах. Долбор уута дуу, салгына дуу, баҕар, уратылаах
буолуон сөп. Маны учуонайдар интэриэһиргииллэрэ буоллар
диэн биһиги бэйэбит баҕа санаабытын этэбит».

    Чорооноп хаһыатын туппутунан олорбохтоото. Хаһыат ыста-
тыйата научнай ыстатыйа буолбатах. Ол гынан баран манна
суруллубут 50 бырыһыана даҕаны кырдьык буоллаҕына — бу
дьикти түбэлтэ. Сенсация. Холобур, Чагда Байанаайап 186-та
да буолбатар, саатар 150-чэтэ да буоллун. От оттуурун туһу-
нан дьиҥнээҕи суруйуохтаахтар. 100 саастаах киһи, Михай-
лов суруйарын курдук, 60-ча да буолбатар, баҕар, отучча да
киһи буоллун, — бу биир дэриэбинэҕэ диэтэххэ олус элбэх.
Уопсайынан, тыала суохха мас хамсаабат, Михайлов оруннаа-
ҕы суруйуохтаах.

    Чорооноп — медицинскэй наука кандидата, уһун үйэлэнии
боппуруоһунан институкка үөрэнэ сылдьыаҕыттан ыла дьарык-
таммыта. Институт кэнниттэн тута аспирантураҕа үөрэммитэ
уонна онно уһун үйэлэнии боппуруоһунан салгыы дьарыктанан,
«Саха сирин уһун үйэлээхтэрин доруобуйаларын туруга» диэн
тиэмэҕэ кандидатскай диссертациятын 28 саастааҕар ситиһии-
лээхтик көмүскээбитэ. Ити диссертациятыгар Ньургун Нико-

  80
   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84   85