Page 82 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 82
оҕонньоттору, эмээхситтэри сирэй билэттээбитэ, сорохторун
кытта билиҥҥэ диэри суруйсара. Биир тылынан эттэххэ, Чо-
рооноп Саха сирин уһун үйэлээхтэрин балачча билэр курдук
сананара. Онто баара сити... Долбор... Долбор... Хайа үөдэҥҥэ
кистэнэ сыппыт сир эбитэ буолла? Ити уһун үйэлээхтэр тоҕо
биир да биэрэпискэ, отчуокка түбэспэтэх бэйэккэлэрэй?
Чорооноп Дьирибинэ Сиидэрэбинэ ымайбыт эбирдээх сирэ-
йин өйдөөн ылла. Чыпчылыйыах түгэнэ Ньургун Николаевич
сирэйигэр хомойуу, мунчаарыы хара кынатын болоорхой күлү-
гэ түһэн ааста. Ол гынан баран, сонно тута кини сэргэхсийэ
түстэ, ыраас үөрүүлээх санаа сырдык сардаҥата сирэйигэр
кыыста: түөһүн иһин эмиэ киһи киһиэхэ кыайан эппэт билбэти
билэргэ дьулуһуу өрө күүрүү иэйиитэ үүйэ тутта...
Анаан дьүүллэһии
Ыра санаа диэн тугуй? «Ыра санаа — олох тутула» диэн этии-
ни кытта сөбүлэһэҕит дуо? Сэһэн ааҕааччыны толкуйдатар про-
блемата атын омук литературатыгар баар дуо?
Долбор олохтоохторо
Сөмөлүөт кылгас соҕустук сүүрэн баран тохтоото. Ньургун
Николаевич таһырдьа бастакынан ойон таҕыста. Күн чаҕылхай
уота хаартан утары тыкпытыттан хараҕын быһа симэн ылла. Ин-
нигэр уҥуоргу кытыла ыраах күөх тумарык буолан көстөр күөл
нэлэһийдэ. Портан чугас, өрө үллэн тахсыбыт улахан томтор
анныгар, күөл кытылын сырса кэчигирэспит дьиэлэртэн буруо-
лар унаарыйаллар.
— Табаарыс, эн командировкаҕа кэллиҥ дуо? — Чорооноп
ити турдаҕына, биир кыра уҥуохтаах, ыйаастыгас кыараҕас
харахтаах, модьу-таҕа көрүҥнээх хара бараан киһи сиэҕиттэн
тардан баран, ыйытта.
— Командировкаҕа кэллим. Киһи түһэр сирэ баар дуо? —
Ньургун Николаевич мунаарбыт курдук ыйытта.
— Ол биһиги туохпутугар гостиницаланыахпытый? Миигин
кытта тахсыс. Хата, билсэн кэбиһиэххэ, Данил Максимович
Семёнов диэммин. Совет председателинэн үлэлиибин, — кыра
киһи илиитин уунна. — Эн Чорооноп буоллаҕыҥ?
Дэриэбинэ диэкиттэн суол очурдарыттан бүдүрүйэн ыла-
ыла, мотордаах шасси тиийэн кэллэ.
82