Page 86 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 86
эмиэ кыра уҥуохтаах, сэнэх сэбэрэлээх эмээхсин, кыратык
ону-маны кэпсэппэхтээт, ас астыыр түбүгэр түстэ.
— Тугу кэпсиэхпиний оттон? Былыр, эдэр да эрдэхпинэ,
күүһэ-уоҕа суох этим. Хата, ол да буоллар ханнык эмит ыарыыт-
тан суорҕаҥҥа-тэллэххэ сыппыппын өйдөөбөппүн, — оҕон-
ньор саппыйатын иһиттэн мас хамса таһааран, табах уурунна.
Ньургун Николаевич хамсаны дьиктиргээбиттии одуулаабытын
көрөн, Түргэн эттэ:
— Кырдьаҕас киһиэхэ буомнар диэннэр бааллар. Ол буом
быһа холуйан хас уоннуу сыл аайы кэлэр. Буом барыта биир
буолбат. ¥һүс-төрдүс буом ордук ыарахан. Буому туораатах-
хына, уон сыл устата оһолго түбэспэтэххинэ, олоруом диэн
эрэнэн кэбиһиэххин сөп. Хас буому аастаҕыҥ ахсын биллэ-
көстө кырдьаҕын. Буомнар икки ардыларыгар улаханнык кыр-
дьыбаккын. Онон кырдьыы аа-дьуо биир тэҥник барбат — киһи
бириэмэнэн кырдьар.
Чорооноп, бу «сир түннүгэ» кырдьаҕастан бэрт элбэх со-
нуну истэн, Кэрэмэс эмээхсин буһарбыт сыалаах этин, таба-
тын тылын астына сиэн, баһыыбалаан-махтанан баран, Чагда
оҕонньорго аттанна.
— Барыаххар диэри өссө кэлэ сырыт, мин оҕонньорбор кэп-
сээн, сэһэн буолунай, — дии хаалла Кэрэмэс эмээхсин.
Чагда оҕонньор бүгүн икки кырынаастаах, куртуйахтаах уон-
на эмиэ хас да курупааскылаах кэлбит.
— Ээ, ол Чыгыы уол курдук билигин улахан булка сылдьы-
батарбын да, син дьиэм таһыттан кыралаан айахпар сиир куо-
бахпын, көтөрбүн баҕас булунабын.
Ньургун Николаевич 145 саастаах Чыгыы Уранаайабы Чагда
уол диэн ааттаабытыттан иһигэр күлэ санаата. Ол гынан баран,
толкуйдаан көрдөххө, Чагдаҕа Чыгыы, кырдьык, кини оҕолоо-
бут оҕото буоллаҕа. Чагда оҕонньор, дьарамай, кыра уҥуох-
таах, сытыы сирэйдээх-харахтаах да буоллар, эмиэ наҕыл тут-
тунуулаах-хаптыныылаах. Балтараа үйэттэн ордук кэмҥэ олорбут
киһи диэтэххэ, билигин да чэгиэн көрүҥнээх.
— Мин билэрбинэн, саамай уһуннук олорбут киһи — Киил
Чынаайап бу саҥардыыҥҥыта өлбүтэ. Кини 200 сааһын аһар-
быт буолуохтаах. Бэйэтин кыанар этэ. Ол гынан баран, оччо-
тооҕуга күлэрим, кэнникинэн өлүөн баҕарара. Тоҕотун эппэт
этэ. Дьоҥҥо кэпсиирин да истибэтэҕим. Эттэр миэхэ этиэх
этэ, — атыттарга холоотоххо, мин арыый саастаах буоллаҕым,
онон миигин үөлээннээҕин кэриэтэ көрөрө, үөрүүтүн-көтүүтүн,
хомолтотун даҕаны миигин кытта үллэстэрэ. Олоҕо куһаҕа-
86