Page 91 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 91
күн улуу буурҕа түспүт. Долбор өстөөхтөрө, сулустар эрги-
йэн оһуокайдаан киирэн барбыттарыттан куттанан, өйдөрүттэн
тахсан, бэйдиэ барбыттар. Кинилэри сэттэ күннээх түүн түспүт
буурҕа тобоҕолообут. Долбор сулуһун дьоннор харыстаан, Хо-
тугу Сулус диэн ааттыыр буолбуттар. Долбор диэн эбээннии,
бадаҕа, Хоту диэн үһү. Бу биһиги олорор эбэбит ол Долбор
оҕонньор олоҕо эбит, онон Хоту эбэ диэн ааттанар. Биһи-
ги Долбор аҕатын ууһабыт. Бу дэриэбинэ дьоно, сүнньүнэн,
Долбортон удьуордаахтар. Бээ-бээ, били кэпсээммиттэн туо-
раары гынным ээ, — диэтэ Чагда оҕонньор, умуллан хаалбыт
хамсатын оборбохтоон ыла-ыла.
— Дьэ, кырдьык, аҕа баһылыктарын кэриэһин толороннор,
хоту диэки бастанан утуйар буолбуттар, ааннарын соҕуруу ха-
йыһыннарбыттар. Ити үгэскэ кубулуйан, бэрт соторутааҕыга
диэри дьоннор дьиэлэрин соҕуруу аанныыр, хоту бастанан
утуйар, ааны утары эркиҥҥэ орон туруорбат буолаллара. Ким
ити үгэһи кэспит — ыарыһах, отох, бодоҥ буолар, кылгас үйэ-
лэнэр диэн кырдьаҕастар сэһэргииллэрэ.
Били Долбор оҕонньор эппитин курдук, кини аҕатын ууһун
дьоно Долбор сулуһунан сирдэтэн, түүнтэн-күнтэн иҥнибэк-
кэ бултаан-алтаан, өстөөхтөрүн, хайа да сиргэ тиийбиттэрин
иһин, чопчу баран өлөрөн-өһөрөн, наада буоллаҕына күрээн,
ууһаан-тэнийэн, байан-тайан олорбуттар. Хоту диэки бастана
сытар буолуохтарыттан ыла ыалдьар-сүтэр диэни билбэтэхтэр,
киһи барыта сүүһүттэн тахсан баран өлөр буолбут. Чэгиэн-
чэбдик буолан, күүстээх-уохтаах да эбиттэр, онон атын биис-
тэр куттанан, долбордор олорор сирдэригэр чугаһаабаттара
үһү. Дьэ итинник номох баар, төһөтө кырдьыгын, төһөтө сы-
мыйатын туох билиэй? — диэн оҕонньор кэпсээнин түмүктээтэ.
Чорооноп, кэпсээн абыгар ылларан, чочумча саҥата суох
олорбохтоото. Онтон, дьигис гынан, өрө көрөн баран:
— Оттон эн бэйэҥ ити үгэһи тутуһаҕын дуу? — диэн интэ-
риэһиргээн ыйытта.
— Тутуһан буолумуна. Мин былыргы киһи буоллаҕым. Бу,
көрөрүҥ курдук, ороннорум бары хоту хайысхалаахтар. Ааным
— соҕуруу диэки. Ааным утары орон суох, остуол уонна киһи
олорор эрэ ыскаамыйата бааллар.
— Мин былыр элбэх айаны айаннаабыт киһибин, — Чаг-
да оҕонньор сэһэнин салгыыр. — Дьол көрдөһө даҕаны, си-
ри-дойдуну көрө даҕаны, аатырар Тайҕаҕа кытта сылдьыбытым.
Онно да сылдьан, хоту бастанан утуйар идэбин уларыппата-
91