Page 94 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 94
олохтоохторун дьиэлэригэр сылдьаҥҥын хайа диэки бастанан
утуйалларын үөрэппэккин ээ? (Бу түбэлтэҕэ дьон тылыттан
буолбакка, дьиэлэригэр сылдьаҥҥын ороннорун хайысхатын ком-
паһынан көрөҥҥүн быһаар).
Саҥа интэриэһинэй кэтээн көрүүлэргин кытта билсиһин-
нэрэр буол. Ханнык эмит боппуруос үөскээтэҕинэ, тутатына
суруйан ис. Чагда кырдьаҕаска миигиттэн бокулуонна тириэрт,
доруобай буоллун, дьоллоох буоллун! Иван Никоновичка эмиэ
эҕэрдэ!
Ньургун Николаевич. Дьокуускай
Ньургун Николаевич!
...Ордук ыарыһахтарым олорор дьиэлэрин кэрийдим. Кинилэр
үгүстэрэ бас-баттах: ким арҕаа, ким илин, ким хотугулуу-
арҕаа эбэтэр соҕуруулуу-илин бастанан утуйаллар эбит. Кыр-
дьаҕастар бүтүннүү, эдэрдэртэн бэрт аҕыйах киһи хоту бас-
таналларын көрдүм.
Ньургун Николаевич! Ама хайа диэки бастанан утуйар эмиэ
туох эмит суолталаах буолуо дуо?
Коля. Долбор бөһүөлэгэ
Коля!
Долбортон атын сиргэ баран олохсуйбут дьон үйэлэрин уонна
доруобуйаларын туругун билиэххэ наада.
Эн Ньургун Николаевиһыҥ. Дьокуускай
Ньургун Николаевич!
Долбортон барбыт 40-ча киһи туһунан сибидиэнньэ мустум.
Долбортон барбыттартан эр дьонноро ордук уһун үйэлээх буо-
лаллар эбит. Доруобуйаларын да туруга оннук. Дьэ дьиибэ! Дол-
бор оһуобай усулуобуйалаах дуу, суох дуу?
Уруккутун курдук ыалдьааччылар үксэ Саҥа Долбортон кэ-
лэллэр.
Эҕэрдэни кытта Коля. Долбор б.
Коля!
Эн хомуйбут матырыйаалларыҥ олус интэриэһинэйдэр. Миэ-
хэ биир сонун гипотеза үөскээтэ, ол, баҕар, сыыһа да буолан
хаалыан сөп. Мин санаабар, эр дьоннор дьахталлардааҕар ор-
дук үгэһи тутуһумтуолар. Онон Долбортон атын сиргэ баран
олохсуйбут эр дьоннор саҥа да сиргэ хоту бастанан утуйар
идэлэрин бырахпатах буолуохтаахтар. Эр дьоннор дьиэ, кэргэн
94