Page 90 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 90
— Кырдьык оннук, улуу баһылыкпыт! — диэн мустубут дьон
эрдэттэн киксибит курдук, биир тыынынан тэбис-тэҥҥэ ди-
риҥник өрө тыынан кэбиспиттэр.
— Тоҕус ньургун уолаттары, сэттэ кыталык кыраһыабай
кыргыттары төрөттүм, — диэн Долбор салгыы саҥара сып-
пыт. — Аҕам ууһун дьонун кимиэхэ да атаҕастаппатым. Биһиги
албан ааппыт, суон сурахпыт сир-сибиир үрдүнэн тарҕанна,
дойду-дойду үрдүнэн сураҕырда. Мин Одунтан оҥоһуулаах,
Дьылҕа Хаантан ыйаахтаах буолуохтаахпын. Онон туох да бэ-
лиэтэ, суола-ииһэ суох өлөн хаалар туһум суох. Мин өллөхпүнэ,
дууһам ити ураа устун кыым буолан үөһээ халлааҥҥа тахсыаҕа
уонна сулус буолан үйэлэргэ сырдыаҕа. Атын сулустар мин
тула мустан, миигин тула эргийиэхтэрэ. Мин дууһам тохтообут
сирин бастаан өйдөөн көрбөтөххүтүнэ, итинэн быһаараарыҥ.
Мин сулус буолан биир сиргэ хамсаабакка турар буолуом.
Онон сирдэтэн эһиги күнтэн-түүнтэн иҥнибэккэ, бултаан-ал-
таан кэлэр буолуоххут. Сулус буолан мин эһигини куруук көрөн
туруом: эһиги кыайыыгытыттан үөрүөм, эһиги хомолтоҕутуттан
ытыам. Эһиги миигин умуннаххытына, миэхэ ыарахан буолуо, —
Долбор хараҕар уу-хаар баспыт, хараҕын уута, ууллубут си-
биниэс буолан, икки иэдэһинэн сүүрэн сиргэ топ-топ тамма-
лаабыт...
— Мин көрдөһөбүн: эһиги дууһаҕыт, өйгүт-санааҕыт миэ-
хэ чугас буолар гына, үөһэ сулус буолбут мин дууһам диэки
бастанан утуйар буолуҥ. Оччоҕуна мин эһигини утуйар уугутун
араҥаччылыам. Киэһэ дьиэҕитигэр хайдах сирэйдээх-харах-
таах киирэргитин көрүөхпүн миигин утары ааннанар буолуҥ.
Мин өллөхпүнэ, ураһаларгытыттан ханна да быгаайаҕыт, сэттэ
күннээх түүн улуу буурҕа түһүөҕэ, өстөөхтөрбүт онно өлүөхтэрэ,
саастаахтарбыт онно самныахтара. Ытаһымаҥ, санаарҕаамаҥ,
эһиги миигин умнубаккыт тухары өллөрбүн да, көмөлөһө сы-
тыам!.. — Итинник этээт, улуу аҕа баһылыктара — Долбор кыр-
дьаҕас өлөн хаалбыт.
Били эппитин курдук, Долбор оҕонньор өлөөтүн кытта, айа-
ҕыттан кыһыл кыым ойон тахсан, үөлэс устун үөһээ халлаан
диэки кыырайа турбут. ¥өһээ халлаан сулустара үрэл гынан
сыҕаллан биэрбиттэр. Долбор дууһата ол ырааһыйа ортотугар
тиийэн турунан кэбиспит. Мустубут дьон сөрү диэн сөҕөн, кут-
танан даҕаны, тылларыттан матан таалан турбуттар. Сулустар,
үөрбүт курдук имнэнсэн кэбиһэ-кэбиһэлэр, Долбор сулуһун ту-
ла эргийэн үҥкүүлээн, оһуокайдаан киирэн барбыттар. Сэт-
тэ күннээх түүн ол оһуокай салҕанан барбыт, сэттэ түүннээх
90