Page 85 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 85

миниэнньэлээх буолуохтааххын, — Ньургун Николаевич киһи-
тин хараҕын утары көрдө.

    — Мин учуонай буолбатахпын. Мин идэм — эмтээһин. Ити
иккиэн тус-туспа профессиялар. Ол гынан баран, мин бэйэм
санаабар, бу дойду чөкөтө бэрт. Ордук урут сөмөлүөт, массыы-
на сылдьыбат эрдэҕинэ, атын сиртэн ый баһыгар-атаҕар биир
эмит киһи кэлэн барара. Онон ол-бу тумуу-сөтөл бэйдиэ тар-
ҕаммата. Ыарыы эмпэтэх киһитэ уһун үйэлэнэр. Ол онон бу
Долборго дьоннор киһи сөҕөр уһун үйэлээхтэр. Быһыыта, этэр-
гэ дылы, сибиэһэй ас, ыраас салгын, үчүгэй састааптаах уу,
өҥ сир — бары тоҕоостоохтук холбоһууларын түмүгэ дуу диэҕи
баҕарыллар. Итинтэн атыны тугу этиэмий? — диэтэ Иван Ни-
конович. — Бу дойду олохтоохторугар сүрэх-тымыр ыарыыта
диэн суох. Сыаны-арыыны элбэҕи сиир дьон, онон саатар ате-
росклероз баар буолуон сөп этэ да, баччааҥҥа диэри көрсө
иликпин. Бүөр, куртах, оһоҕос ыарыыта диэни билбэттэр. Рак
суох...

    Ньургун Николаевич эбиэккэ диэри ыарыылар устуоруйала-
рын көрөттөөтө. Онтон ити күн сельсовекка сылдьан хаһаайыс-
тыбаннай кинигэттэн уһун үйэлээхтэр испииһэктэрин оҥордо.
Чуолкайдаммыт дьиҥнээх докумуоҥҥа олоҕурбут ити испии-
һэк түмүгэ маннык буолла: Долборго барыта 537 киһи олорор
эбит. Итинтэн сүүһүттэн тахсыбыт 78 киһи баар. Ол иһигэр 42-
тэ — дьахтар, 36-та — эр киһи. 80-тан 100-гэр диэри саастаах
102 киһиттэн 58-һа — дьахтар, 44-дэ — эр киһи. 120—150-нугар
диэри саастаах 12 киһи баар. Саамай кырдьаҕастара — Чагда
Байанаайап — 186-та. Дьахталлартан аҕалара — Лаглайа Хо-
йутаанаба — 149-һа эбит.

    Ньургун Николаевич, бу дьоннорго дьиэлэригэр-уоттарыгар
сылдьан, бэйэлэрин кытта сирэй-харах көрсөн кэпсэтэрдии
тэриннэ.

    Аан бастаан сылдьыбыт ыала — Чагда Байанаайап — дьиэ-
тигэр суох буолан биэрдэ, онон Ньургун Николаевич Түргэн
Айаанаптаахха барда.

    Ньургун Николаевич, соһуйуон иһин, кинини хара баттах-
таах, билигин да толору эттээх-сииннээх, көнө уҥуохтаах, сэ-
ҥийэтигэр абына-табына маҥан бытыктаах, ыыһаммыт түнэ
курдук араҕас сирэйдээх оҕонньор көрүстэ.

    Түргэн оҕонньор аата эрэ түргэн буолан биэрдэ — тутта-
ра-хаптара мөдөөт, бытаан, саҥата-иҥэтэ да оннук наҕылыччы.
Кэргэнэ — 110 саастаах Кэрэмэс — оҕонньорун курдук наҕыл,

                                                                                                                                      85
   80   81   82   83   84   85   86   87   88   89   90