Page 84 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 84
— ким ыраах, ким чугас сылдьан бултанар идэлээхтэр. Чагда
кырдьаҕас дьиэ таһыгар сылдьар буолуохтаах. Чыгыы Оттоох-
хо андаатардыыр сурахтааҕа, бу күннэргэ, арааһа, кэлбитэ
дуу? Түргэн Айаанап да манна буолуо. Лаглайа оҕонньору-
наан Кырсалыын Балаҕаннаах түбэтигэр буолуохтара. Саамай
кырдьаҕастарбыт итилэр. Атыттарбыт бултууллар даҕаны уон-
на манна дьиэ таһыгар үлэлииллэр. Уопсайынан, наадыйар
дьонноргун булаттаан көрсүһүннэрэ сатыам этэ.
Сарсыарда Ньургун Николаевич Данил Максимовиһы кытта
аргыстаһан, балыыһаҕа барда. Уулуссаҕа кэлии-барыы элбээ-
бит. Аттаах да, сатыы да дьон бу дойду үгэһинэн Данил Мак-
симовиһы кытта дорооболоһоллор. Данил Максимович аргыый
хааман лэппэйэн иһэн ыалдьытыгар бөһүөлэгин билиһиннэрэ
истэ.
— Аҕыйах сылтан бэттэх тутуу баһаамнык ыытыллар буолла.
Олор бу томтор арҕаа өттүгэр бааллар. Ону Саҥа Долбор,
эбэтэр Иккис Долбор диэн ааттыыбыт. Бэртээхэй бөһүөлэк.
Дьэ, балыыһаҥ бу турар. Иван Никонович кэлэн олорор буо-
луохтаах. Күнүс таарыйыам, эбиэккэ бииргэ барыахпыт.
Олохтоох быраас, Иван Никонович, орто уҥуохтаах, мүлтүгүр
сарыннаах, түөрт уонун туола илик бадахтаах, хамсаабыт-им-
сээбит саха киһитэ, Ньургун Николаевиһы эйэҕэстик көрүстэ.
Унньуххай соҕус көрүҥнэниэҕин улахан энньэҕэр сэҥийэтэ,
түөрт муннуктаах уҥуохтаах сирэйин уҥа иэдэһигэр хараҕын
аннынан обургу баас онно килэриччи оспута Иван Никоновиһы
хайдах эрэ хорсун-хоодуот мөссүөннүүр эбит.
— Ыалдьааччы аҕыйах. £ссө биэс хас сылтан бэттэх син
ыарыһахтардаахпын, — диэн, онтон үөрбүт курдук кэпсиир Иван
Никонович. — Ол иннигэр оһолломмут эрэ дьону эмтиирим
уонна сүнньүнэн профилактиканы ыытарым. Сорох-сорох ар-
дыгар килиэппин босхо сиир курдук санаталаан ылаттыырым.
£ссө хаста да квалификациям сүтээри гынна, онон атын сиргэ
көһөрүҥ диэн райздравка сайабылыанньа биэрэ сыһан турар-
даахпын. Онтон бу дойду кыыһын кэргэн ылан, олохсуйан эрэ-
бин. Дьонун-сэргэтин да сөбүлээтим. Кистээбэккэ эттэххэ, бу
дойду булда-аһа да бэрт. Эһэтиттэн куобаҕар, балыгар тиийэ
буолунай, — Иван Никонович тоҕо эрэ иэдэһигэр баар чэрин
имэриммэхтээн ылла.
— Ол тоҕо ыарыы суоҕуй? Уопсайынан, эн санааҕар, Дол-
бор олохтоохторун уһун үйэлэниилэрин биричиинэтэ туохха-
ный? Эн, манна уһуннук үлэлээбит быраас киһи, туох эмит
кэтээн көрүүлээх, ити туһунан туох эрэ бэйэҥ туспа санаалаах,
84